Быйыл Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйи бибилэтиэкэтэ култуура гранын ылан, федеральнай бүддьүөттэн 5 мөл. солк харчы ылбыта. Ону сэргэ улуус 2 мөл.200 тыһ. солкуобайы софинансирование быһыытынан көрбүтэ. Онон саҥардыллан, улахан өрөмүөн ыытыллан, аныгылыы дизайнанан, бибилэтиэкэ пуондата 1000 кэриҥэ саҥа кинигэнэн хааччыллан, миэбэл, үлэлиир тэрил ылыллыбыта. Исписэлиистэр анал кууруһу баран, билиилэрин хаҥаттыбыттара. Онон элгээйилэр сүрдээх үчүгэй бибилэтиэкэлэннилэр.
Ол курдук, бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр Элгээйигэ “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥардыллан оҥоһуллубут федеральнай таһымнаах модельнай бибилэтиэкэтэ уонна “СИТИМ- Элгээйи сайдар эйгэтэ” үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Бу үөрүүлээх күнүнэн элгээйилэри улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Александров, улуус култууратын уонна айылгытын управлениетын салайааччыта Мария Кобельянова, ыччат отделын начаалынньыга Трофим Иванов, нэһилиэк баһылыга Павел Григорьев уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Улуус кииннэммит бибилэтиэкэтин дириэктэрэ Изабелла Жиркова биир идэлээхтэрин, олохтоохтору истиҥник эҕэрдэлээн туран, бибилэтиэкэ кэлэктиибэ олус үлэһиттэрин, бары биир киһи курдук турунан туран үлэлээбиттэрин бэлиэтээтэ. Олохтоох бибилэтиэкэ өрөмүөнүгэр, саҥардыллан оҥоһуллуутугар таһыырыылаахтык үлэлээбит дьоҥҥо истиҥник махтанна.
Үөрүүлээх аһыллыы кэнниттэн саҥардыллыбыт бибилэтиэкэҕэ “Ситим – Элгээйи сайдар эйгэтэ” бырайыагынан олус интэриэһинэй тэрээһин ытылынна.
Саҥа аныгылыы көрүҥнэммит бибилэтиэкэҕэ сылдьан ыччат сайыннын, олохтоохтор сөбүлээн сылдьан сирдэрэ буоллун.
Яина Власьева,
This post was published on 28.09.2022 15:03 15:03