Самаан сайын саймаарыйа тыынан, күндү көмүс күөмэйдээх күөрэгэйин ыллатан, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут, Айыы Хаан оҕото Улуу Сибиэрэп алҕаабыт Угут Күөлүн ыһыаҕа сахаҕа бастакы Үлэ геройа,учуутал, учуонай Пётр Хрисанфович төрүөбүтэ 150, сэрии бэтэрээнэ Николай Ефремович Ефремов 100 сылларын бэлиэтиир үтүө тэрээһиҥҥэ ананна. Элгээйи нэһилиэгин Аҕа баһылыга Павел Григорьев ыһыах дьонун-сэргэтин, ытык-мааны ыалдьыттарын алгыстаах ыһыаҕынан эҕэрдэлээн, ыһыах тэрээһинэ үрдүк таһымҥа барарыгар тиэрдэр үтүө санаатынан быйылгы ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта саҕаланна.
Ыһыах ытык ыалдьыттарын улуус баһылыга Григорьев А.В., Березин С.М, Миронов А.Н., Ефремов Н.Е.-Мончуор Ньукулай оҕолорун, бэтэрээн үлэһиттэри анал бочуоттаах миэстэҕэ олортулар. 2023 сыл дойдубут Арассыыйа үрдүнэн «Учуутал уонна Аҕа Сүбэһит», Саха сиригэр «Үлэ», Сунтаарбыт улууһугар «Төрүөбүт төрүт тыл» сылларынан үөрэҕирии, эбии үөрэхтээһин салаатын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин, спорт бэтэрээннэрин сэлэлээн хаамыытынан нэһилиэк ыһыаҕа саҕаланна. Ааттаах-суоллаах алгысчыт Евсеев Михаил Михайлович — Куруһаай Мэхээлэ бар дьон сүрэҕэр, ис кутугар тиийэрдии, саҥа күүһү-уоҕу иҥэрэр ыһыах алгыһын түһэрдэ. Кэлбит ыһыах ыалдьыттарын Угут Күөл быйылгы ыһыаҕын сүрүн спонсордара Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин Ытык Киһитэ, сэрии, үлэ бэтэрээнэ Николай Ефремов-Мончуор Ньукулай оҕолоро үөлүллүбүт этинэн, кыынньар уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан бар дьону күндүлээтилэр.
Бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ Павел Анатольевич «Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк наҕарааданы туттартаата улуус баһылыгар Григорьев Анатолий Васильевичка «Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо», Николаев Юрий Ивановичка, учууталлар учууталлара, СӨ спортка уонна физкультураҕа туйгунугар Ким Евдокия Ивановнаҕа СӨ үөрэҕириитин туйгунугар, Андреева Галина Борисовнаҕа Үөрэҕирии систиэмэтин бэтэрээнигэр уонна туйгунугар, Григорьева Валентина Васильевнаҕа Россия потребкооперациятын туйгунугар, Винокурова Савва Константинович Элгээйи орто оскуолатын физкультураҕа учууталыгар, сатыы хаамыы спордун тэрийээччитигэр.
Бу күн Ким Иван Муксунович тракторист «Сунтаар улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытын кылаатын иһин»,»СӨ бочуоттаах аҕам саастааҕа», Егоров Прокопий Митрофанович «Сунтаар улууһун спордун сайдыытыгар кылаатын иһин», Яковлева Надежда Геннадиевна социальнай хайысха үлэһитэ «Сунтаар улууһун социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин», Павлова Елизавета Ивановна атыы-эргиэн салаатын бэтэрээнэ улуус дьаһалтатын грамотатынан, Филиппова Капитолина Ивановна СӨ үөрэҕириитин бэтэрээнэ Улуус дьаһалтатын Грамотатынан, «СӨ бочуоттаах аҕам саастааҕа» бэлиэнэн, Иванова Мария Павловна өр сыл үп салаатыгар эҥкилэ суох үлэлээбит бухгалтер-экономист улуус дьаһалтатын грамотатынан, өр сыл Элгээйи сопхуос тутуу сыалыгар болуотунньугунан, пилорамщигынан үлэлээбит Кондратьев Николай Семенович улуус дьаһалтатын махтал суругунан, Павлов Владимир Григорьевич СӨ автотранспорын бочуоттаах үлэһитэ улуус депутаттарын мунньаҕын грамотатынан, Элгээйи учаастактааҕы балыыһатыгар өр сыл эҥкилэ суох медсестранан үлэлээбит Мартынова Степанида Степановна «СӨ Доруобуйа харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ» үрдүк ааттары, анал бэлиэлэри туттулар.
Быйылгы ыһыах оонньуута-көрө, күрэстэрэ үрдүк таһымҥа, дьон-сэргэ, ыһыах ыалдьыттара астынан, дуоһуйан баралларыгар бэйэлэрин үтүө санааларынан ыһыах спонсордарынан буоллулар:
1.Ефремов Николай Ефремович-Мончуор Ньукулай оҕолоро, аймахтара — «Элгээйи Эр бэрдэ» күрэс сүрүн спонсордара (150 000 солк) туруордулар.
2.Григорьев Анатолий Васильевич «Элгээйи Эр бэрдэ» күрэскэ.
3.Афанасьев Александр Максимович дьиэ кэргэттэрэ ат сүүрдүүтүгэр убаһа туруордулар.
4.Саввинов Семён Петрович дьиэ кэргэттэрэ ат сүүрдүүтүгэр 50 000.
5.Иванов Василий Егорович дьиэ кэргэттэрэ ат сүүрдүүтүгэр убаһа.
6.Иванов Егор Егорович дьиэ кэргэттэрэ ат сүүрдүүтүгэр 100 000 солк.
7.Макаров Николай Фёдорович дьиэ кэргэттэрэ хапсаҕайга 75 кг. ыйааһыҥҥа дылы морозильник.
8. Юмшанов Пётр Петрович хапсаҕайга 75 кг. үөһэ.
9.Григорьев Юрий Кимович тойукка 10 000.
10.Мария Афанасьевна Миронова оҕолоро бастыҥ хорчуоппаҕа.
11.Григорьева Александра Митрофановна оҕолоро саха таҥаһын күрэһэр.
12.Егорова Варвара Митрофановна-Дыгыйа саха таҥаһыгар.
13.Самойлова Ульяна Прокопьевна саха таҥаһыгар.
14. Уарова Анастасия Паловна-Дойдууна оһуокай күрэһэр.
15.Павлова Людмила Николаевна оһуокай күрэһэр.
16.Макарова Изабелла Ивановна-Толоон Туорааҕа оһуокай күрэһэр.
17.Миронов Дмитрийы Никифорович оһуокай күрэһэр.
Спонсордарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр махтал тылларын анаан туран, өрүү бу курдук олоххо көхтөөх буолуҥ, дьоллоох-соргулаах, олоххо өрүү ситиһиилээх буолуҥ диэн алгыспытын аныыбыт.
Ыһыах бары тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, дьон -сэргэ кэрэхсэбили ылан, ыһыах күрэстэрин бастыҥнара ааттаннылар. Ол курдук:
Ат сүүрдүүгэр
1200 м.
1 миэстэ — Иванов Руслан, ат аата Карим (Сунтаар)
2 миэстэ — Романов Гаврил, ат аата Үрүмэччи (Хоро)
3 миэстэ — Иванов Александр, ат аата Уруйдаан (Элгээйи).
2400 м.
1 миэстэ — Иванов Руслан, ат аата Арчы (Маар Күөл)
2 миэстэ — Федоров Василий, ат аата Браток (Сунтаар)
3 миэстэ — Иванов Александр, ат аата Уруйдаан (Элгээйи).
3600 м.
1 миэстэ — Иванов Руслан, ат аата Ахиллес (Сунтаар)
2 миэстэ — Игнатьев Михаил, ат аата Күлүмнүүр (Хоро)
3 миэстэ — Варфоломеев Прокопий, ат аата Сулус (Күндэйэ).
4800 м.
1 миэстэ — Иванов Александр, ат аата Айхал (Элгээйи)
2 миэстэ — Варфоломеев Прокопий, ат аата Ноко (Күндэйэ)
3 миэстэ — Алексеев Евгений, ат аата Ноко (Уһун Күөл).
Сүрүн бириистэри туруордулар Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос чулуулара, Саха АССР үтүөлээх сылгыһыттара Иванов Василий Егорович, Саввинов Семен Петрович, Афанасьев Александр Максимович, Егор Егорович Иванов оҕолоро.
«Элгээйи эр бэрдэ — 2023» күрэс сэттэ көрүҥүн түмүгэ:
Үс төгүл үс
1 миэстэ — Яковлев Мичил (Маар Күөл)
2 миэстэ — Иванов Ким (Дьаархан)
3 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл).
Тутум эргиир
1 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл)
2 миэстэ — Соколов Андрей ( Маар Күөл)
3 миэстэ — Яковлев Мичил (Маар Күөл).
Мас тардыһыыта
1 миэстэ — Тимофей Большаков (Аллаҥа)
2 миэстэ — Горохов Сандал (Бордоҥ)
3 миэстэ — Павлов Павел (Сунтаар).
Ох саанан ытыы
1 миэстэ — Большаков Тимофей (Аллаҥа)
2 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл)
3 миэстэ — Яковлев Мичил (Маар Күөл)
Сүүрүү
1 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл)
2 миэстэ — Яковлев Мичил (Маар Күөл)
3 миэстэ — Большаков Тимофей (Аллаҥа)
Хапсаҕай
1 миэстэ — Джуалов Иван (Уһун Күөл)
2 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл)
3 миэстэ — Павлов Айаал (Элгээйи)
Таас көтөҕүү
1 миэстэ — Большаков Тимофей (Аллаҥа)
2 миэстэ — Соколов Андрей (Маар Күөл)
3 миэстэ — Соколов Алексей (Маар Күөл)
«Элгээйи Эр Бэрдэ — 2023» күрэс түмүгэ (муҥутуур кыайыылаах)
Сүрүн бириистэри сэрии уонна сибээс бэтэрээнэ, балыксыт Ефремов Николай Ефремович -Мончуор Ньукулай төрөөбүтэ 100 сылынан кини оҕолоро, сиэннэрэ туруордулар,
1 миэстэ — Соколов Алексей, Маар Күөл (100 тыһ. солк.)
2 миэстэ — Большаков Тимофей, Аллаҥа (30 тыһ. солк.)
3 миэстэ — Соколов Андрей, Маар Күөл (20 тыһ. солк.)
Сунтаар улууһун баһылыга Григорьев Анатолий Васильевич Элгээйиттэн төрүттээх кыттааччыга диэн анал бирииһэ 25 тыһ. солк. Павлов Айаалга туттарылынна.
«Оһуохай — ытык алгыс» ыччат оһуохайын түмүгэ:
Кэрэ аҥаардарга
1 миэстэ — Айта Николаева (Олохтоох дьаһалта туруорбут ЖК телевизорынан уонна оһуохайдьыт, тойуксут Трофимова Матрена Афанасьевна-Тойуктаах Муоча сырдык аатынан кини ыччаттарын анал бирииһэ).
2 миэстэ — Николетта Кузьмина (СӨ култууратын туйгуна, Элгээйи, Толоон нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Михайлова Анастасия Павловна-Дойдууна анал бирииһэ).
3 миэстэ — Настя Лукина (аныгы кэм олоҥхоһута Макарова Изабелла Ивановна- Толоон Туорааҕа анал бирииһэ).
Эр дьоҥҥо
1 миэстэ — Аркадий Самойлов (Олохтоох дьаһалта туруорбут ЖК телевизора)
2 миэстэ — Дуолан Трофимов (Миронов Дмитрий Никифорович анал бирииһэ, Саха сирин үтүөлээх этээччитэ, СӨ култууратын туйгуна Павлова Людмила Николаевна анал бирииһэ).
Тойук күрэһин түмүгэ
1 миэстэ — Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ, Түбэй (Варвара Павловна Григорьева сырдык аатыгар уола Григорьев Юрий Кимович бирииһэ).
2 миэстэ — Изабелла Макарова-Толоон Туорааҕа, Элгээйи
3 миэстэ — Людмила Павлова, Элгээйи.
«Кырачаана кэрэ Куо» күрэс түмүгэ:
1 миэстэ «Кырачаана Кэрэ Куо» — Коркина Амина
2 миэстэ «Күн Чөмчүүк» — Макарова Алияна
3 миэстэ «Мичийээнэ Куо» — Иванова Айна
«Кэскилээнэ Куо» — Трофимова Маргарита.
«Уһуйаан Кырачаан Боотурдара» күрэс түмүгэ:
1 миэстэ » Ньургун Боотур» — Эрсан Сафонов
2 миэстэ «Быһый Боотур» — Тимур Кириллин
3 миэстэ «Бэргэн Боотур» — Ролан Яковлев.
«Сымса Боотур» — Даниил Гурьев
«Хомоҕой Боотур» — Ваня Чахов
«Дьулуур Боотур» -Арылхан Эльгяйцев
Уйгу быйаҥ Элгээйи ыһыаҕын биир киэргэлинэн дьон кутун туппут ырыаһыттар Кылаан Кындыл уонна Иоган Матвеев концертара буолла. Саха дьонун сиэринэн ыһыах Күнү көрсүүнэн түмүктэннэ. Элгээйигэ саҥа саҕахтар арыллаллар, кэскиллээх саҥа санаалар олоххо киирэллэр. Өссө төгүл Уйгулаах ыһыахтарынан, барыгытыгар быйаҥнаах сайыны, көхтөөх сынньалаҥы баҕарабыт!
Элбэх үтүө үлэһиттээх
Элгээйибит сиригэр,
Үөрүү-көтүү аргыстаах
Үтүө-кэрэ күн үүннэ,
Аҕыс-иилээх саҕалаах
Айгыр ыһыах ыһылынна,
Төрүт ыһыах төрүттэннэ,
Кур Эһиэкэй күөрэйдэ.
This post was published on 21.06.2023 10:28 10:28