Элгээйи оскуолатыгар туус хоһо аһылынна

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар Элгээйи орто оскуолатыгар туус хоһо аһылынна диэн суруналыыс Тускулаана Горохова-Кобельянова иһитиннэрдэ, суруйар Саха сирэ саайт.

Бу маннык хос Сунтаар улууһугар тохсус буолар. Петр Староватов 150 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир кэрэ түгэҥҥэ улуус дьаһалтата 1 мөл. суумалаах туус хоһун бэлэх оҥорбута.

Хоһу Кэмпэндээйитээҕи туус собуотун туруу үлэһиттэрэ оҥордулар. Элгээйи тууһун хоһо сахалыы тыыннаах киэргэтилээх буолан саха дьонугар өссө чугас буолла, — диэн Тускулаана Горохова-Кобельянова кэпсэтээтэ.

https://t.me/kmv888

This post was published on 12.02.2024 14:01 14:01