Былырыын РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн “»Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн саҥардыы» бырагырааманан Элгээйигэ врачебнай амбулаторияны тутуу саҕаламмыта. 2023 с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр бастакы сыбаайаны түһэрии бэлиэ түгэнигэр Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыыны ылбыта.
Саҥа балыыһа былаан быһыытынан быйыл үлэҕэ киириэхтээх. 700 кв. м иэннээх амбулаторияҕа күнүскү өттүгэр эмтэнэр 6 куойка миэстэтэ, терапевт уонна оҕо бырааһын, ону сэргэ УЗИ, тиис кэбиниэттэрэ, лаборатория баар буолуохтаахтар.Тутууну Иван Сахаров салайааччылаах “Северо-Восток Стройдизайн” ХЭТ ыытар.
Бүгүҥҥү туругунан тутуу хайдах бара турарын Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Григорьев билиһиннэрэр:
– 2022 с. ахсынньы ыйга “Северо-восток Стройдизайн” ХЭТ Элгээйитээҕи врачебнай амбулаторияны тутуу хантыраагар илии баттаһан үлэни ыыта сылдьар. Ааспыт күһүн 63 сыбаайа турда, 10 уонна 12 миэтэрэлээхтэр. Кыһын кэлэн сезоннай-охлаждающай устройствоны туруорбуттара. 10 сыл анараа өттүгэр ыытыллыбыт грунт экспертизатын кытта тэҥнээн көрдөххө, арыый кыра араастаһыылаах буолла. Билигин эбийиэккэ сэттэ киһи үлэлии сылдьар. Үс бэйэбит уолбут: прораб Андрей Варламов, Николай Готовцев уонна Григорий Игнатьев. Ону таһынан бэдэрээтчит түөрт үлэһитэ баар. Кинилэр бетон кутарга опалубканы бэлэмнии сылдьаллар. Муус устар 15 күнүгэр диэри опалубкатын тимирин баайан барытын оҥоруохтаахтар. Бетоннааһын үлэтэ график быһыытынан муус устар 15-тэн саҕаланыахтаах. Халлааммыт да онуоха диэри үлэ барарыгар сөптөөх буола сылыйыа дии саныыбын. Билигин тутуу матырыйааллара кэлэ тураллар. Опалубка мастара барыта кэлбитэ. Икки 50 куубтаах баһаарынай резервуар, арматура, кладочнай сиэккэ, боробулуохалар, полистирол, о.д.а. аҕалыллан ыскылааттарга, эбийиэккэ уурулуннулар. Өссө да матырыйааллар кэлиэхтээхтэр. Бу матырыйааллары эмиэ Элгээйи уолаттара тастылар: Андрей Павлов, Михаил Петров уонна бетону Семен Попов таһа сылдьар. Былырыын 200 т бетон кэлбитэ. Өссө 255 т кэлиэхтээх. Сороҕо сайын баржанан кэлиэ. Суол сабыллыар диэри тутуу матырыйаалын улахан өттүн аҕала сатыахтаахтар. Матырыйаал былырыыҥҥы үбэ-харчыта ахсынньы ыйга түспүтэ, онон ити өттүгэр кыһалҕа суох буолуохтаах. Быйылгы үбүлээһинин муус устарга күүтэбит. Эбийиэк дуогабар быһыытынан быйыл сэтинньи 25 күнүгэр киириэхтээх диэн. Элгээйи амбулаторията өрөспүүбүлүкэҕэ “Доруобуйа харыстабыла” нацбырайыагынан тутуллааччыларга, былаан быһыытынан, быйыл киириэхтээх эбийиэктэргэ соҕотох.
– Тутааччы арматурнай каркастар, ростверктар бэлэмнэр диэн иһитиннэрэр. Опалубканы таҥыы үлэтэ бара турар. Кэлэр нэдиэлэттэн насоснай станция дьиэтин бэлэмнээһиҥҥэ киириэхтээхтэр. Билиҥҥитэ сэндвич-панелы күүтэллэр. Ааннар, түннүктэр, керамогранит Дьокуускайга кэлбиттэрин бу нэдиэлэ бүтүүтэ диэки ыытыахтаахтар.
“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак 2019 с. үлэлиир. Бу сыллар усталара өрөспүүбүлүкэбитигэр үгүс эбийиэк бу бырайыак чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. Элгээйи врачебнай амбулаториятын саҥа дьиэтэ дьэндэйэн, олохтоох нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун саҥа технологиялаах, аныгы оборудованиелаах балыыһаҕа көрдөрөр кыахтанарын долгуйа күүтэбит.
This post was published on 25.03.2024 15:38 15:38