Елена Голомарева кыыл табаҕа булт болдьоҕо кыччаабытын утарар

Ил Түмэн дьокутаата, Арктика дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева кыыл табаҕа булт болдьоҕо кыччаабытын утаран, РФ айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа миниистиригэр сурук суруйда.  


«Булт болдьоҕо кыччаабыта Арктика олохтоохторугар улахан аймалҕаны таһаарда. Төрүт олохтоох дьон дохуота, дьарыга суох хаалар кутталлаах», — диэбит Елена Голомарева айылҕа харыстабылын миниистирэ Александр Козловка суругар.

Кини булт болдьоҕо кыччыыра булчуттары күөмчүлүүр балаһыанньаҕа туруорар диир.

Санатабыт, РФ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ от ыйын 24 күнүгэр таһаарбыт бирикээһинэн быйылгыттан кыыл табаҕа булт атырдьах ыйын 1  күнүттэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри (90 күнтэн ордубат) салҕаныа.

«Туундара кыыл табатыгар үгэс быһыытынан атырдьах ыйыттан сэтинньигэ диэри итиэннэ олунньу ортотуттан кулун тутар 15-гэр диэри бултанара. Ити хоту дойду уратытын, полярнай түүн бүтүүтүн, халлаан сылыйыытын кытары ыкса сибээстээх», — диир Елена Голомарева.  

This post was published on 21.01.2021 15:03 15:03