Елена Голомарева: Арктикаҕа улахан болҕомто уурулунна

Ил Түмэн Арктика дьыалатыгар уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Арктиканы сайыннарыы итиэннэ хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар олохторун боппуруостарын тула edersaas.ru саайтка кэпсээтэ.


— Елена Христофоровна, дойду салалтата Арктикаҕа болҕомтотун ууран, былырыын Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин иһинэн Арктика боппуруостарын сүрүннүүр салаа баар буолбута. Ол иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арктиканы сайыннарыы уонна хотугу омуктар дьыалаларын министиэристибэтэ тэриллибитэ.

— Маннык боччумнаах биэдэмистибэлэр тэриллэннэр, биһиги туруорсар боппуруостарбыт быһаарыллыылара түргэтээтэ. Уһук Илин хас биирдии субъегар (Саха сиригэр, Магадааҥҥа, Чукоткаҕа, Хабаровскай, Приморскай кыраайдарга, Забайкальеҕа) төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар олороллор. Кинилэр үүнэр-сайдар, олохторун уйгутун бөҕөргөтөр усулуобуйаларын тупсарыыга анаммыт үс федеральнай со­­куон үлэлиирин хааччыйыы биһиги — дьокутааттар, сүрүн сорукпут. Ааспыт 2019 сылга “Арассыыйа Федерациятын төрүт олох­тоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бырааптарын мэктиэлээһин туһунан” федеральнай сокуон барылыгар Ил Түмэн киллэрбит этиитэ учуоттанна. Бырагыраама бастакы барыла төрүт олохтоох аҕы­йах ахсааннаах хотугу норуоттар реестрдэригэр табаһыттартан, булчуттартан уонна балыксыттартан атыттары киллэрбэт этэ. Ону биһиги төрүт олохтоох аҕыйах ах­сааннаах омуктар бэрэстэбиитэллэрин дьарыктарыттан тутулуга суох, барыларын учуоттуурга эттибит. Инньэ гынан, аны күһүн Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр дьүөрэлэһиннэрэн, бары субъектарга төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар ахсааннара учуоттаныаҕа.

— Ол туох көдьүүстээҕий?

— Бу хотугу норуоттар ахсааннарын, олохторун таһымын чуолкайдык быһаарарга уонна онон сирдэтэн сайдыы бырагыраамаларын оҥорорго, араас федеральнай бырагыраамаларга, ол иһигэр быйылгыттан сөргүтүллэр “Арктика оҕолоро” бырагыраамаҕа, кыттарга тирэх буолуоҕа. Урбааны сайыннарыыга судаарыстыба өйөбүлүн туһунан федеральнай сокуон барылыгар төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар тустарынан биир да тыл этиллибэтэҕин итиэннэ резиденнэргэ олохтоох былаас уорганын оруола көстүбэтин итэҕэһинэн ааҕан, эмиэ бэйэбит этиилэрбитин киллэрдибит.

— Чахчыта даҕаны хотугу улуустар нэһилиэктэригэр аһы-үөлү урбаанньыттар хааччыйан эрдэхтэрэ. Хайдах хаачыстыбалааҕы илдьэллэрэ буолла?

— Хотугу улуустарга ас-үөл сүрүн 13 көрүҥүн (бурдугу, куруппаны, мас арыытын, саахары, тууһу о.д.а.) киин куораттан тиэрдии ороскуотун толуйууга бүддьүөттэн үп көрүллэр, инньэ гынан, ити табаардарга сыана Дьокуускай сыанатыттан үрдэтиллиэ суохтаах. Ону Сыана кэмитиэтэ итиэннэ хас улуус аайы баар бу кэмитиэт исписэлиистэрэ хонтуруоллууллар. Дьон ону билиэн уонна мөккүөр үөскүүр түбэлтэтигэр, кинилэри көрсүөн наада. Киһи доруобуйата чэгиэн-чэбдик буолуутугар ас-үөл хаачыстыбата улахан оруол­лаах. Урбаанньыттар табаардарын хаачыстыбатын Роспотребнадзор уорганнара икки сылга биирдэ эрэ бэрэбиэркэлиир кыахтаах буоланнар, бу сыллар тухары атыыһыттар хайдах аһы-үөлү илдьэллэрэ суобастарын дьыалата буолан кэллэ. Хата, ас-үөл куттала суох буолуутун хааччыйар сыалтан “Меркурий” электроннай ситимҥэ ас-үөл оҥоһуллуоҕуттан (холобур, бичиэнньэ хаһан, ханна үүннэриллибит бурдуктан ханнык собуокка, хаһан оҥоһуллубута) туһаныллар болдьоҕо ыйыллан туран, тустаах сиригэр тиэрдиллэн батарыллыар диэри хонтуруолга ылыллара олохтонно. “Меркурий” оскуолаларга, балыыһаларга уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорор тэрилтэлэргэ киллэрилиннэ, нэһилиэктэр маҕаһыыннарыгар да тиийэн эрэр. Инньэ гынан, атыылаһааччы хаачыстыбаны ир­диир кыахтанна, ирдиэхтээх даҕаны. Уонча сыллааҕыта оҥоһуллубут хаппыт бирээнньик баарыгар эрэ баһыыба буолуо суохтаах.

Эдэр табаһыкка – биир мөлүйүөн!

— Хотугу омуктар сүрүн дьарыктара — таба иитиитэ. Бу салааҕа идэтийэр 188 хаһаайыстыбаҕа 1361 киһи, ол иһигэр 824 табаһыт уонна 283 чуум үлэһитэ баар. Чуум үлэһитин суолтатын үрдэтэр сыалтан, Үөрэх министиэристибэтэ чуумсук дьахталларга оҕо саадын иитээччитин, алын кылаас учууталларын куурустарын тэрийэр, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ мэдиссиинэ бастакы суһал көмөтүн оҥорорго үөрэтэр. СГТХА табаһыттар кэтэхтэн үөрэ­нэллэригэр чэпчэтиилэри оҥорор. Быйылгыттан “Саха сирин Арктикатааҕы түбэтин уонна төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар 2020-2024 сс. социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыылара” эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, Арктика министиэристибэтэ ырытан оҥорбут “Эдэр табаһыт” диэн социальнай өйөбүл бырагыраамата олоххо киирэр. Ыстаадаҕа эдэр дьон үлэлии кэлэрин көҕүлээн, 35-гэр диэри саастаах эдэр табаһыт дьиэ-уот туттарыгар биир мөлүйүөн солкуобай бэриллиэҕэ. Быйыл кубуота уон киһиэхэ көрүллэрэ былааннанар, балаһыанньата оҥоһуллан бигэргэниигэ сылдьар. Ураты уустук усулуобуйаҕа үлэлиир дьоҥҥо кубуота сылтан сыл эбиллэн иһэригэр баҕарабыт.

Төрүт дьарык кэҥэтиллэр

— Өссө 1990-с сс. сир боппуруоһун быһаартарыыга улахан үлэ ыытыллан, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар табаны иитиигэ уо.д.а. туһанар сирдэрин бэйэлэригэр сыһыартаран тураллар. Ол түмүгэр төрүт дьарыкка туһаныллар 62 территория докумуоннаммыта. Итинэн төрүт дьарыгы сайыннарыыга олохтоохторго эппиэтинэс сүктэриллибитэ, иккиһинэн ити сирдэргэ көстүбүт сир баайын хостооһуҥҥа бырамыысыланнай хампаанньалар кинилэри кытары сөбүлэһии түһэрсэн үлэлииллэр, социальнай эбэһээтэлистибэни эмиэ ылыналлар. Холобур, “АЛРОСА” уонна “Анаабыр алмаастара” хампаанньалар оскуола, балыыһа курдук наадалаах эбийиэктэри тутууга көмөлөһөллөр, наада буоллаҕына, ыстаадаларга бөртөлүөт көтүүтүн хааччыйаллар. Олох хаамыытынан төрүт дьарык кэҥэтиллиэхтээх, онон манна сэлии муоһун хостооһуну, этнотуризмы киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт.

Сир – тыын боппуруос

Ааспыт нэдиэлэҕэ Алдан оройуонугар үлэлээн кэллибит. Биир боппуруоһу көрдүбүт: «Промысловик» тэрилтэ Анамы нэһилиэгин сиригэр-уотугар бултуур лиссиэнсийэни ылан, ол лиссиэнсийэҕэ хабыллар сиргэ бултуур-алтыыр аҕа ууһун общиналара салгыы үлэлииллэрин аукционунан быһаартарар эбэтэр сирдэриттэн матар кутталлара үөскээбит. Биһиги мөккүөрдээх өрүттэри сирэй көрсүһүннэрэн олорон, хайата табыгастааҕын быһаарбыппыт кэнниттэн, общиналар «Промысловикка» тэрийээччи (учредитель) буоларга сөбүлэстилэр. Бу хаһаайыстыба нэһилиэк уопсай мунньаҕынан 2001 с. тэриллибит, оччолорго общиналар сирдэрин докумуоннатар наадатын өйдөөбөтөхтөр, өбүгэ саҕаттан туһаммыт сирбитигэр лиссиэнсийэтэ да суох бултуохпут дии санаабыттар. Түмүгэр, сокуон иннигэр, бэйэлэрин төрүт сирдэригэр бороконьуор буолбуттар. Дьиҥинэн үгүс община маннык кыһалҕаны көрсөр, онон бу хайысхаҕа салгыы үлэлиир эрэйиллэр. Онуоха, бастатан туран, олохтоох дьаһалталар төрүт дьарыкка туһаныллар сирдэргэ бултуур, балыктыыр учаастактары аҕа ууһун общиналарыгар сыһыартарар наадатын туһунан нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-сырдатар үлэни күүһүрдүөхтээхтэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 21.02.2020 16:16 16:16