Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова социальнай ситимнэринэн быһа тахсан кэпсээтэ. Саха сирин олохтоохторун «самоизоляцияланарга» ыҥырда.
Елена Борисова коронавируһунан ыалдьыбыт дьону кытта контактаспыттар эбэтэр ыарыы тарҕаммыт дойдутуттан кэлбиттэр «самоизоляция» эрэһиимин тутуһалларыгар модьуйда. Ыарыы биллэриэ суоҕун сөбүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ диэн суруйар СИА.
«Ыалдьыбыттарын билбэккэ сылдьар дьон элбэх. Ону Россия статистиката көрдөрөр. Ол иһин дьаҥнаабыт дьону кытта алтыспыттар эбэтэр ыарыы тарҕаммыт дойдутуттан кэлбиттэр самоизоляцияланаргыт булгуччулаах. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин уонна Роспотребнадзор «горячай линиятынан» эрийэн этэргитигэр көрдөһөбүн. ОРВИ сидибэ билиннэ да, бырааһы ыҥырыҥ», — диэтэ миниистир.
This post was published on 17.04.2020 11:04 11:04