23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Электроннай табахтары хааччахтааһын туһунан сокуон барыла ылылынна

16:51, 21 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар электроннай табахтары устууканан атыылааһыны хааччахтыыр туһунан сокуон барылын ылынна. Сокуоҥҥа көҕүлээһин ааптара — Ил Түмэн норуодунай дьокутаата, парламент дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕо аймах дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова.


Быһаарыы сурукка этиллибитинэн, электроннай табахтары эбэтэр вейпиҥҥэ күүскэ наадыйыы 2013 сыллаахха дойдуга табаҕы уопсастыбаннай миэстэлэргэ тардыыны бобуу кэнниттэн саҕаламмыта. Электроннай табахтары оҥорооччулар бэйэлэрин табаардарын табахтан аккаастанарга көмө буоларын курдук көрдөрөллөр эрээри, онуоха кинилэр чахчы туһалаах буолуохтарын туһунан иһитиннэрии ханна да суох.

Быйыл Доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ) электроннай табахтар улахан кутталы үөскэтэллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Никотин дьайыыта мэйии сайдарыгар буортулаах, обургу оҕолор уонна эдэр дьон ньиэрбэлэрин үлэтэ сайдыытын уонна доруобуйаларын айгыратыан сөп.

Сокуон барыла ылыллыбытынан сибээстээн, Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын нарколог-психиатра Евгения Алексеевна Кладкиналыын кэпсэттибит.

— Евгения Алексеевна, эн санааҕар маннык бобуу тоҕо сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго эрэ сыһыаннааҕый?

— Тоҕо диэтэххэ, улахан дьон табахтарын быраҕалларын модьуйуу сокуонунан көрүллүбэт. Ол гынан баран, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор тардалларын бопсуохпутун сөп. Ыччат – электроннай сигареталары оҥорооччулар тус сыаллаах аудиториялара. Бу – арыгыны 20 чаас кэнниттэн атыылааһыны бобуу курдук. Холобур, киһи арыгы иһэн баран өссө баҕардаҕына, дьиэтин таһыгар ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа сүүрэн тиийиэн сөбө. Оттон хааччахтыыр сокуон баарыгар, кини оннук гынар кыаҕа суох. Оҕолорго эмиэ оннук. Ол эбэтэр электроннай сигареталары атыылаһар чэпчэки уонна дэбигис буоллаҕына, атыылаһаллара биллэр.

— 2013 сыллаахха уопсастыбаннай миэстэлэргэ табаҕы тардар бобулларын туһунан сокуон ылыллыбыта. Бу сокуон үтүө уонна мөкү өрүттэрэ туохханый?

— Арааһа, үтүө эрэ өрүттэрдээх. Уопсастыбаннай миэстэҕэ табахтааһыны утары сокуон ылыллыар диэри утарсааччылар уонна хейтердар олус элбэх этилэр. Сокуон олоххо киириэр диэри ханна баҕарар: эрэстэрээннэргэ, кафеларга, кулууптарга уо.д.а. тардаллара. Табаҕы тардыбат дьон буруонан тунуйар дьиэлэргэ, тэрилтэлэргэ кэлэллэрэ төһөлөөх ыарахан этэй? Таҥаска буруо уонна табах сыта иҥэрэ, эрэстэрээн кэнниттэн таҥаскын барытын таҥас сууйар массыынаҕа сууйтарыахха наада этэ. Ити эрэ буолуо дуо, бастатан туран, эн “пассивнай” табахсыт буолаҕын. Сигарета буруотунан тыынар киһи сүрэҕин-тымырын систиэмэтэ уонна да атын уорганнара ыалдьар кутталлара улаатар. Биллэн турар, сокуон дьаарай табахсыттар табахтарын быраҕалларын туһугар эрэ ылыллыбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, эрэстэрээннэргэ улахан дьон эрэ сылдьар буолбатахтар. Ону сэргэ оҕолор сигареталар кыраһыабай тастаахтарын, айахтан буруо хайдах тахсарын көрөллөр уонна интэриэһиргииллэр. Мин санаабар, бу сокуон үтүө эрэ өрүттэрдээх. Сибиэһэй уонна ыраас салгынынан тыынар куһаҕан буолбатах дуо?

— Электроннай табахтар туох кутталлаахтарый?

— Электроннай табахтар адьас соторутааҕыта баар буолбуттара. Ол гынан баран, биһиги электроннай табахтартан тутулуктаныы (көннөрү табах курдук) баар буоларын номнуо билэбит. Тоҕо диэтэххэ, электроннай табах састаабыгар никотин баар, ол иһин тутулуктаныы үөскүүр. Никотин төһө өлүүтэ баара биһиэхэ биллибэт, хаатыгар суруллубут да буоллаҕына, ону ким да бэрэбиэркэлиир кыаҕа суох. Састаабыгар өссө пропиленгликоль, глицерин, формальдегид уонна араак ыарыытыгар тириэрдиэн сөп эбиликтэр, биэссэстибэлэр бааллар. Электроннай сигарета бэйэтэ 350 кыраадыска диэри сылыйар, ол суотугар аэрозоль үөскүүр. Аэрозольга үрдүк актыыбынастаах никотин баар. Дьон маннык табах буортута суох, онон уопсастыбаннай миэстэлэргэ төһө баҕарар тунуйуохха сөп дии саныыллар. Соторутааҕыта Америка Холбоһуктаах штаттарыгар вейпалары туһаныы кэнниттэн дьон өлүүтэ уонна тыҥалара ыалдьан эмчиттэр көмөлөрүгэр наадыйыы тахсыбыта бэлиэтэммитэ.

— Хайдах харыстаныахха сөбүй?

— Боруобалаамыахха уонна “буортута суох уонна кэлин да быраҕыахха сөп” диэн сыыһа толкуйдаамыахха наада. “Көннөрү табах оннугар тардабын” диэн бэйэҕитин албыннанымаҥ. Буортулаах дьайыыттан аккаастаныҥ уонна чөл олоҕу тутуһуҥ.

— Обургу оҕо электроннай табаҕы тардарын төрөппүт хайдах билиэн сөбүй?

— Ханнык баҕарар төрөппүт бэйэтин оҕотун билэр, онон оҕотун майгытыгар-сигилитигэр ханнык баҕарар уларыйыы тахсыбытын сэрэйиэн сөп. Электроннай табаҕы боруобалаабыт оҕо кыыһырымтаҕай, ньиэрбинэй, тулуура суох буолар. Аһыыр баҕата сүтүөн сөп. Тоҕо диэтэххэ, минньигэс убаҕас аһыыр баҕаны намыратар. Минньигэс убаҕаска араас амтаннаах ароматизатордар бааллар. Оҕо таҥаһыгар минньигэс эбэтэр табах сыттаах сыалаах бээтинэлэр баар буолуохтарын сөп. Оҕо хоһугар эмиэ итинник сыт баар буолуон эбэтэр түннүктэр сиигириэхтэрин сөп. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, көннөрү уонна электроннай табаҕы тардыы туох да уратылара суохтар. Электроннай табаҕы оҥорооччулар араас рекламалары оҥорон, кинилэр доруобуйаларын айгыратан, харчы оҥороллорун умнумуохха!

— Ханнык сэрэтэр үлэлэри ыытаҕытый?

— Биһиги үгүс ахсааннаах сэрэтэр үлэни ыытабыт. Биллэн турар, бастатан туран, үүнэр көлүөнэҕэ болҕомтобутун уурабыт. Оҕолор улааталлар, барыны-бары билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕараллар, кинилэри харыстыахха наада. Биһиги быраастарбыт табах, арыгы буортутун уонна чөл олоҕу тутуһуу туһунан лиэксийэлэри ааҕаллар. Куһаҕан дьаллыктар буортуларын эрэ буолбакка, табахтан аккаастаныы үчүгэй өрүтүн кэпсиэххэ наада. Оҕолор табахсыт төрөппүттэригэр кэпсээри, олус болҕомтолоохтук истэллэр. Биһиги араас аахсыйалары ыытабыт, дьаарбаҥкаларга кыттабыт, тэлэбиисэргэ, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ кэпсиибит. Инньэ гынан, билигин үүнэр көлүөнэбит табах буортутун уонна электроннай табахтар туох содуллаахтарын билэллэр. Биһиги билиҥҥи ыччат сиэрдээх, муударай буолбутуттан үөрэбит, чөл олоҕу талар уонна спордунан дьарыктанар ыччат элбээтэр элбээн иһэр.

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА