Электроннай үлэ киниискэтигэр ыстаас барыта суруллар буолуоҕа

Үлэһиттэр 2021 сылтан электроннай үлэ киниискэлэригэр 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эрэ буолбакка, ыстаастарын барытын киллэттэрэллэр. Ол туһунан Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин эттэ, диэн суруйар ТАСС.


Мишустин бэлиэтээбитинэн, бырабыыталыстыба үлэ сыһыаннаһыыларыгар цифровой технологияны киллэриини кэҥэтэр. Ол инниттэн «Об индивидуальном учете в системе обязательного пенсионного страхования» сокуоҥҥа уларытыылар киириэхтэрэ.

«Кэлэр сылтан үлэһиттэр электроннай киниискэлэригэр 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн эрэ буолбакка, үлэлээбит ыстаастарын барытын киллэттэрэр кыахтаахтар, — диэтэ кини. — Биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа эрэ ыытыан наада».

Кини иһитиннэрбитинэн, үлэ ыстааһын туһунан «Госуслуга» нөҥүө ылыы тэриллэрэ былааннанар. «Үлэҕэ киирии докумуоннаһыытын судургутатыа уонна үлэ туһунан иһитиннэриини тиэрдиини түргэтэтиэ», — диэтэ премьер.

This post was published on 06.11.2020 16:01 16:01