Элдьикээн сэлиэнньэтин олохтоохторо оройуон киинигэр көһөртөн аккаастаннылар

Бэнидиэнньик сарсыарда Уус Маайа улууһун Элдьикээн сэлиэнньэтигэр 500 дьиэттэн 83 дьиэ ууга барда. 4 чаас устата уу таһыма 1 см үрдээтэ.

“Бүгүн сарсыарда 6 чааска оройуон кииниттэн Элдьикээҥҥэ бөртөлүөт көппүтэ. Олохтоохтор ортолоруттан оройуон киинигэр эвакуацияланыан баҕалаах көстүбэтэ. Бөртөлүөт аһы-үөлү тиэртэ. Манна быстах олоруу пуунугар 16 киһи баар.”, — диэн иһитиннэрдэ “Усть-Майский вестник” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Марианна Караканова СИА-ҕа.

СИА.

This post was published on 14.05.2018 15:18 15:18