Элбэх сөҥүү түһэн Горнай оройуонугар «Кэбээйи» суол учаастага алдьанна

Горнай оройуонугар «Кэбээйи» суол учаастагар сырыы уустугурда. Бу туһунан оройуон дьаһалтата дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа сигэнэн иһитиннэрдэ.

Өлгөм сөҥүү түһэн Аһыма нэһилиэгиттэн 10 км усталаах суол бүрүөһүнэ биллэ мөлтөөтө.

Күрүөлээх уонна Бэс-Күөл диэки барааччылары аҕыйах кэмҥэ айантан туттунарга көрдөһөллөр.

This post was published on 11.10.2023 16:15 16:15