18 Муус устар 18.04
  • $ 94,32
  • 100,28

Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүлү Саха сирин уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ оҥороллор

12:31, 31 августа 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба өйөбүлүн тиһигин тупсарыыга уонна саҥа дьаһаллары олоххо киллэриигэ тус сыаллаах үлэ ыытыллар. Бу хайысханан уонтан тахса элбэх оҕолоох ыаллары кытта бииргэ үлэлээһини (шефтэһии) тэрийии буолар.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 18 маннык ыал олорор, диэн СИА кэпсиир. Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министерствотын иһитиннэриитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ шефтэһии оройуоннарга күүскэ ыытыллар. Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар бу хайысханы «Мэҥэ Леди» уопсастыбаннай тэрилтэ, Бүлүү улууһугар улуус дьахталларын сэбиэтэ, ону тэҥэ шефтэһиини улуус дьаһалтатын социальнай үлэһиттэрэ уонна исписэлиистэрэ сүрүннүүллэр.

Элбэх оҕолоох ыалга көмө араас чэпчэтиилэри, субсидияны, биир кэмнээх социальнай төлөбүрдэри ыларга докумуоннары бэлэмнээһиҥҥэ оҥоһуллар. Итини сэргэ ийэлэри уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ тардыы үлэтэ барар, психологическай уонна педагогическай консультациялар ыытыллаллар, оҕону чэбдигирдэр лааҕырдарга уонна сайыҥҥы былаһааккаларга путевка бэриллэр.

Ол курдук, кэнники биир саамай элбэх оҕолоох ыалларга оскуола тээбириннэрин атыылаһыыга “Элбэх оҕолоох ыалларга көмө” диэн акция буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, кэнники үс сылга ийэ уонна оҕону өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ түөрт төгүл улааппыта, региоҥҥа төрөөһүн таһыма оннунан хааларыгар кыаҕы биэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА