Элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын оннугар 200 тыһ солк ылыахтарын сөп

Мария Васильева, ЯСИА

Бу сылтан Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтаах сир учаастактарын оннугар 200 тыһ солк ылыахтарын сөп. Харчыны ипотекаларын төлөөһүҥҥэ, кыбартыыра ылыыга эбэтэр дьиэ туттууга ыытыахтарын сөп.

2022 сыллаахха Саха сирин бырабыыталыстыбата ол туһунан Ил Түмэҥҥэ сокуон барыла киллэрэр. Сэтинньигэ сокуону норуот депутаттара ылыналлар. Онон бу сылтан элбэх оҕолоох ыал сир учаастагын ылыыны кэтэспэккэ, компенсация ылыыта саҕаланна.

Механизм киэҥ араҥаҕа ананар, болдьоҕунан хааччыллыы суох, «Ийэ хапытаалыгар» сыһыана суох. Ити эрээри ыал харчыны ылан баран, сир учаастагар бырааба суох буолар. 2022 сыллааҕы дааннайынан, сир ылыытыгар уочаракка 15 тыһ дьиэ кэргэн турар.

This post was published on 03.02.2023 09:28 09:28