Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалыттан элбэх оҕолоох ыаллар 30 тыһыынча солкуобайы ылыахтара. Туһааннаах сокуон барылын Ил Түмэн депутаттара пленарнай мунньахха көрдүлэр.
СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова дакылаатыгар иһитиннэрбитинэн, биир кэмнээх төлөбүрү өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын бу сылга ылар бырааптаах ыал барыта туһаныан сөп. Бу сокуон барыла Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн кириисиһи утары киирбит миэрэлэр чэрчилэринэн оҥоһулунна.
Санатан эттэххэ, билигин үһүс оҕоҕо көрүллэр ийэ хапытаала өрөспүүбүлүкэҕэ 144,4 тыһыынча солкуобай буолан турар. Өскөтүн дьиэ кэргэн биир кэмнээх төлөбүрү ылар буоллаҕына, ийэ хапытаала 30 тыһыынча солкуобайынан кыччаан биэриэҕэ.
Ааптар: Аграфена Кузьмина, edersaas.ru сайт
This post was published on 19.04.2022 09:01 09:01