Элбэх оҕолоох ыаллар судаарыстыбаттан 450 тыһ харчыны дьиэ ылыытыгар эрэ буолбакка, тутуутугар эмиэ ылыахтарын сөп буолла. Туһааннаах дьаһалы Арассыыйа бырабыыталыстыбата бигэргэттэ.
«2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕотун төрөөбүт ыалга судаарыстыба ипотека төлөбүрүн көҕүрэтэргэ көмөлөһөр. Көмө харчы 450 тыһ солк тэҥнэһэр. Урут бу көмөнү кыбартыыра, бэлэм чааһынай дьиэ, учаастак ылыытыгар туттуохха сөбө. Билигин көмө харчыны дьиэ туттуутугар итиэннэ ситэ тутуллубатах дьиэ атыытын төлөбүрүгэр туһаныахха сөп», диэн бырагыраама оператора «ДОМ.РФ» иһитиннэрэр.
This post was published on 12.07.2021 15:02 15:02