Элбэх оҕолоох ыал ипотекатын сабарыгар судаарыстыбаттан 450 тыһ солк ылыан сөп. Маннык бырагыраамаҕа бырабыыталыстыба эбии 27 млрд солк көрдө, РФ бырабыыталыстыбатын телеграм-ханаалыгар сурулунна.
Бырагыраама 2019 сыл тохсунньу 1 — 2022 сыл ахсынньы 31 күннэригэр үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолору төрөөбүт ыалларга эрэ анаан үлэлиир.
Бырагыраама ипотеканан саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ылыыга эбэтэр 6%-наах баар ипотеканы сабыыга туттуллар. Сайыамсык, кэргэнэ уонна оҕолор Россия гражданина буолуохтаахтар.
«Дьон туттар. Ол иһин федеральнайдааҕы бюджеттан көрүллэр үбү бу бырагыраамаҕа эбэн биэрдибит. Дьаһал 60 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох элбэх оҕолоох ыалы дьиэлиэҕэ», – диэтэ Михаил Мишустин.
This post was published on 11.06.2021 18:01 18:01