Элбэх оҕолоох ыал ипэтиэкэ кирэдьиитин сабалларыгар аналлаах судаарыстыбаттан өйөбүлү өссө 7 сыл ылыахтарын сөп. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин оптуорунньуктааҕы мунньахха иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, үстэн элбэх оҕолоох ыал ипэтиэкэни сабалларыгар 450 тыһ. солк. ылыахтарын сөп. Былырыын маннык 190 тыһ. кэриҥэ төлөбүр оҥоһуллубут.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан Бырабыыталыстыба бу өйөбүл миэрэни өссө 7 сылга уһаппыт. “Чэпчэтиини 2030 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоро төрөөбүт дьиэ кэргэн туһанар кыахтаах.
Бу сыалга анаан эбии 600 млрд. солк. тахса үп ирдэнэр, ол иһигэр 50 млрд. солк. курдук бу сылга”, — диэн Михаил Мишустин чопчулуур.
This post was published on 25.04.2024 09:33 09:33