Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ анал бэлиэ биэриллэр. Бэлиэ чэпчэтиилэринэн туһанарга көмөлөөх. Дьиэ кэргэн олорор сиригэр баар социальнай көмүскэл управлениетыгар баран, сайабылыанньаны уонна ирдэнэр докумуоннары биэриэхтээх, диэн суруйар edersaas.ru
Ыал элбэх оҕолонноҕуна, кинилэргэ түөскэ кэтиллэр бэлиэ уонна дастабырыанньа бэриллэр:
— үс уонна онтон элбэх оҕолоох ийэҕэ;
— үс уонна онтон элбэх оҕолоох аҕаҕа (оҕолорун бэйэтэ иитэр буоллаҕына).
Ирдэнэр докумоннар:
— пааспар куоппуйата;
— оҕолор сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйата;
— кэргэннии буолуу, эбэтэр арахсыы сибидиэтэлистибэтин куоппуйата;
— дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка;
— 3×4 см кээмэйдээх хаартыска.
Түөскэ кэтиллэр бэлиэни уонна дастабырыанньаны 30 үлэ күнүн иһинэн биэрэллэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр кэккэ чэпчэтиилэринэн туһаналлар. Ол иһигэр, холобур, сөмөлүөтүнэн субсидиялаах билиэтинэн көтөллөр. Атын да эрэгийиэннэргэ сынньана, эмтэнэ бардахтарына, бу дастабырыанньаларынан култуура, спорт, о.д.а. тэрилтэлэригэр чэпчэтиилээх киирэр бырааптаахтар. Ол улахан дьиэ кэргэҥҥэ дьоһун чэпчэтии буолар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
This post was published on 02.03.2020 17:28 17:28