Элбэх оҕолоох ыаллар аҕалара биэнсийэҕэ тахсарыгар хас биирдии оҕотун ахсын биирдии сылы көҕүрэтэн (биэс сылтан элбэҕэ суох), эрдэ тахсарын ситиһиэххэ диэн этиини бырабыыталыстыбаҕа РФ Уопсастыбаннай балаататын демографияҕа, дьиэ кэргэн, оҕо көмүскэлигэр хамыыһыйата оҥорон киллэрдэ. Бу туһунан “Известия” хаһыат суруйар.
Уопсастыбаннай балаата чилиэннэрэ этэллэринэн, дойдуга демографическай балаһыанньа уустук. Онон дьиэ кэргэҥҥэ үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрүүрүн көҕүлүүр эбии миэрэлэр наадалар. Маны тэҥэ, оҕону түһэртэриини аҕыйатар сорук туруохтаах.
Билигин дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, ипотекаттан көҕүрэтэргэ 450 тыһыынча солкуобай көрүллэр. Бу миэрэни 2030 сылга диэри уһатарга уонна сыллата индексациялыырга диэн этии киллэрдилэр. Маны тэҥэ, эрэгийиэҥҥэ төрөөһүн коэффициена 1,7-тэн үрдүк буоллаҕына, үһүс оҕоҕо эбии 550 тыһыынча солкуобайы биэрэри туруорсаллар. Оччотугар, үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, уопсайа 1 мөлүйүөн солкуобай ипотеканы сабарга бэриллиэх этэ.
Уопсастыбанньыктар «О мобилизационной подготовке и мобилизации в РФ» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэн, элбэх оҕолоох аҕалары өйүүргэ ыҥыраллар. 16 саастарын туола илик үстэн элбэх оҕолоох аҕалары быстах хомуурга, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыа суохтаах диэн этии киллэрбиттэр. Бу этиилэри бырабыыталыстыба ылынара-ылыммата, билиҥҥитэ биллибэт.
Ааптар: Ангелина Васильева, «Саха сирэ» сайт
This post was published on 16.02.2023 09:01 09:01