Госдуума Дьиэ кэргэни көмүскээһин, аҕа, ийэ уонна оҕо саас боппуруостарыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Нина Останина уонна Федерация Сэбиэтин Наукаҕа, үөрэххэ уонна култуураҕа кэмитиэтин чилиэнэ Айрат Гибатдинов байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыт кэмнэригэр элбэх оҕолоох аҕа буолбут аҕалары болдьохторун иннинэ байыаннай сулууспаттан босхолуур туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр. Докумуон Судаарыстыбаннай Дуума электроннай баазатыгар таҕыста, суруйда Саха парламент саайта.
Сокуон барылынан, быстах хомуур биллэриллиэн иннинэ икки уонна онтон элбэх оҕолордоох, быстах хомуур биллэриллибитин кэнниттэн биир сыл устата «элбэх оҕолоох ыал» статуһун ылбыт, онон сибээстээн эрдэ хомуур болдьоҕун уһатар быраабы кыайан туһамматах байыастар сулууспаттан босхолонуохтара. Мобилизацияламмыт дьону босхолооһун бэрээдэгин Бырабыыталыстыба быһаарыаҕа.
Сокуон бэчээттэммит күнүттэн биир ыйынан күүһүгэр киириэҕэ.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн аах: https://www.pnp.ru/social/v-gosdumu-vnesli-zakonoproekt-o-demobilizacii-mnogodetnykh-otcov.html