Элбэх оҕолоох 6 тыһыынчаттан тахса ыал босхо сирдэннэ

Алтынньы саҥатынааҕы дааннайынан, элбэх оҕолоох 6,5 тыһыынчаттан тахса дьиэ кэргэн сир учаастагынан босхо хааччылыннылар. Бу сылларга наадалаах инфраструктураны оҥоруохтара.

«Сир учаастактарыгар электроэниэргийэ тардыллыаҕа уонна суол оҥоһуллуоҕа», — диэн архитектура уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов буолан ааспыт брифиҥҥэ эттэ.

Өрөспүүбүлүкэ сокуона тахсыаҕыттан ыла 18 тыһыынчаттан тахса ыал сири босхо ылар баҕалаахтарын биллэрбиттэрэ. Кэлиҥҥи биэс сылга 6683 дьиэ кэргэн босхо сирдэннилэр. Сыл бүтүөр диэри элбэх оҕолоох 1,5 ыалы сиринэн-уотунан хааччыйыахтара.

Тутуу министиэристибэтин дааннайыгар көстөрүнэн, 1541 учаастактан 298 сир уоттаах, уулаах, 238 – гаастаах, 1530 – суоллаах.

This post was published on 20.10.2016 15:17 15:17