Элбэх оҕолоох 240 ыал дьиэ атыылаһарга социальнай төлөбүрү ыллылар

Олорор дьиэҕэ наадыйар, биэс уонна онтон элбэх оҕолордоох дьон судаарыстыбаттан өйөбүл ылар кыахтаахтар.


Үбүнэн-харчынан өйөбүл быһыытынан бэриллэр социальнай төлөбүр дьиэ кэргэн төһө чилиэннээҕиттэн көрөн 1,8-тэн 2,6 мөл.солк. диэри халбаҥныыр.

2012-2015 сылга 243 ыал судаарыстыба бу өйөбүлүнэн туһаммыт. Ити иһигэр 2015 сылга 136,4 мөл.солк. суумалаах өйөбүлү 66 дьиэ кэргэн ылбыт.

Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар маныаха 150 мөл.солк. кэриҥэ үп-харчы көрүлүннэ.

Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Чурапчы, Таатта оройуоннарын олохтоохторо маннык социальнай өйөбүлгэ ордук наадыйаллар. Эбээн Бытантаай, Орто Халыма уонна Муома улуустарыттан аҕыйах сайаапка киирбит.

2010 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үс уонна онтон элбэх оҕо тэҥҥэ төрөөбүт буоллаҕына, олорор дьиэни тупсарыыга социальнай төлөбүр оҥоһуллар.

This post was published on 13.10.2016 17:20 17:20