Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни быһаччы салайыы үтүө уонна мөкү өрүттэрэ

Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни быһаччы салайыы үтүө уонна мөкү өрүттэрин Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениета быһаарар.


РФ дьиэҕэ Кодекса элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни үс көрүҥүнэн салайары көҥүллүүр: салайар тэрилтэ нөҥүө, кыбартыыраны бас билээччилэр табаарыстыбаларын уонна быһаччы салайыы көмөтүнэн. Икки бастакы көрүҥү нэһилиэнньэ хото туһанар эбит буоллаҕына, быһаччы салайыыны — саҥа. Билиҥҥитэ Дьокуускайга 1672 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо бу көрүҥү талан, дьаһанан олороллор.

Дьиэни салайыы көрүҥэ олохтоохтор уопсай мунньахтарыгар талыллар, көтүллэр. Быһаччы салайыы көрүҥүн 30-тан элбэҕэ суох элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ туһаныахха сөп (ч. 2 ст. 161 ЖК РФ).

Быһаччы салайыы үчүгэй өрүтүнэн дьиэ хаһаайына уот, гаас, итии, тымныы уу, ититии иһин төлөбүрдэри быһаччы тэрилтэлэргэ төлүүрэ буолар. Ыалын эбэтэр салайар хампаанньатын иэһин иһин эппиэтинэһи сүкпэт. Маны таһынан салайар аппарааты хааччыйбат, дьиэ харчытын олорор эрэ дьиэтин өрөмүөнүгэр, көрүүтүгэр-харайыытыгар ыытыан сөп. Салайар хампаанньа хааччыйар атын дьиэтигэр ыыппакка, уочараттаабакка.

Дьиэ уопсай малын-салын көрүүнү, тэхиниичэскэй өрөмүөннэри олохтоохтор бэйэлэрэ туораттан тэрилтэлэри уһун эбэтэр кылгас кэмҥэ наймылаһан оҥотторуохтарын сөп.

«Дьиҥ олоххо олохтоохтор быһаччы салайыы көрүҥүн талан баран, урукку салайар хампаанньаларын кытары сөбүлэҥ түһэрсэллэр. Харчыларыгар улахан араастаһыы тахсыбат, ол оннугар салайар хампаанньа-бэдэрээтчит дуогабарга эрэ суруллубут үлэҕэ эппиэтинэһи сүгэр«, — диир Управление салайааччыта Павел Аргунов.

Дьиэ сокуонунан салайар хампаанньалар дуогабары таһынан үлэлэргэ, олохтоохтор тэрилтэ иннигэр иэстээх да түбэлтэлэригэр эппиэтинэһи сүгэллэр. Быһаччы салайыыга аварийно-диспетчерскай сулууспа, гаас тэрилтэтин үлэлэрин кэтиир, хонтуруоллуур эбээһинэстэрэ тохтуур. Маны таһынан хааччыйар тэрилтэлэр лицензионнай хонтуруолтан тахсаллар. Ол эбэтэр, араас сокуоннары, быраабылалары, уураахтары толоруу, олоххо киллэрии олохтоохтор үрдүлэринэн барар.

Манан сибээстээн, дьиэни салайыыны уларытыах иннинэ хас биирдии көрүҥү үчүгэйдик ырытар, үтүө, мөкү өрүттэрин ыйааһынныыр наадалааҕын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениета өйдөтөр.

This post was published on 21.09.2020 18:08 18:08