Элбэх хаар түһэн «Лена» трассаҕа массыына сырыытыгар хааччахтар үөскээтилэр

Халлаан туруга мөлтөөн, «Лена» трассаҕа массыына сырыытыгар хааччахтар үөскээтилэр.

Чэппиэр күн киэһэ 18:00 чаастан саҕалаан бээтинсэ сарсыарда 9:00 чааһыгар диэри А-360 «Лена» федеральнай трасса 475+000 – 637+000 км учаастагар улахан уйуктаах массыыналарга хааччахтар таҕыстылар. Бу учаастакка элбэх хаар түһэр, тыаллаах, буурҕалаах.

Ыксаллаах быһыыга-майгыга «Лена» суол управлениетын суһал дьуһуурунайга эрийэххитин сөп:  +7(41145) 31218 уонна +7-924-173-12-18.

This post was published on 07.10.2022 09:31 09:31