Элбэх ахсааннаах ойуур уота үс оройуоҥҥа бэлиэтэнэр

От ыйын 11 күнүн сарсыардааҥы туругунан, Саха сиригэр 77 ойуур уота баара бэлиэтэнэр, 57 тыһ гектар сири хабар.

Бүтэһик сууккаҕа икки уот умуруорулунна. Ол туһунан бэнидиэнньик сарсыарда бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ, суруйар СИА.

Элбэх баһаар тахсыбыт сиринэн Нерюнгри оройуона буолар — 25, Алдаҥҥа — 20, Уус Майаҕа — 19.

Биир күн иһигэр үс уот турбута Алдаҥҥа уонна Мииринэйгэ бэлиэтэннэ.

«11 баһаары 7309 га иэннээх сиргэ умуруоруу барар, икки тохтотулунна. Икки уоту 183 гаалаах сиргэ умуруорулунна. Биир сыл анараа өттүгэр бу кэмҥэ 308 баһаар 1 мөл га сиргэ баара»,– диэтэ Садовников.

Ойуур уотун кытта охсуһууга 470 киһи уонна 18 техника үлэлиир.

This post was published on 11.07.2022 14:01 14:01