Бэс ыйын 19 күнүгэр Орто дойду комплекска «ЭЛ ИИТЭ» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай хамсааһын сийиэһэ ыытылынна.
Сийиэс ыраахтан кэлбит ыалдьыттара кыттыылаах өссө биир сонун тэрээһин «Сахамедиа» өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ буолан ааста. Ол курдук, бэс ыйын 20 күнүгэр ааҕааччылар Алтай Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкиритээрэ, Алтай норуотун конгреһын салайааччыта, «ЭЛ ИИТЭ» уопсастыбаннай хамсааһын лидерэ Бронтой Бедюров уонна Россия суруйааччыта, этнолог, аныгы Евразийство лидердэриттэн биирдэстэрэ, Москваҕа Лев Гумилев аатынан киин дириэктэрэ Павел Зарифуллины кытары көрүстүлэр.
Кинилэри СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ Андрей Борисов билиһиннэрдэ.
Бүгүҥҥү көрсүһүү «буруйдааҕа» Павел Зарифуллин Саха сиригэр хаста да кэлэ сылдьыытын түмүгэр тахсыбыт үс кинигэтин сүрэхтээтэ.
Ааптар эппитинэн, «Звериный стиль Ивана Царевича» диэн быйыл тахсыбыт кинигэтин аҥаара Саха сиригэр анаммыт. Манна кини Саха сиригэр көрдүүр-чинчийэр экспедицияларга сырыыларыгар, өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдатын испэктээкиллэригэр, кинигэлэригэр, киинэлэригэр ураты санааларын билсиэххэ сөп.
— Мин бу кинигэбэр Андрей Борисов, Николай Лугинов, Баһылай Харысхал уо.д.а. Саха сирин олохтоохторугар биллэр-көстөр итиэннэ эһиги кэрэ дойдугут боростуой үлэһит дьонун туһунан кэпсээтим. Өлүөнэ очуостарын, сакральнай сирдэри, Тымныы оройун дьиктилэрин, Бүлүү улууһун чулуу дьонун, саха үҥкүүтүн туруорааччы, оһуохайы этээччи Сергей Зверев-Кыыл Уолун уо.д.а. тустарынан нуучча ааҕааччыларыгар билиһиннэрдим. Ол эбэтэр, бу кинигэлэрбин 2015 с. Култуура сылыгар дьарыктаммыт бырагыраамабытын эһиэхэ отчуоттааһын курдук сыаналыыбын. Биһиги холбоһуктаах бырагыраамабыт Култуура сылын сүрүн түгэнинэн билиниллибитэ. Мин «Звериный стиль Ивана Царевича» кинигэбэр элбэх кистэлэҥнээх, таабырыннаах саха норуотун арыйарга холоннум. Иван Царевич, биллэн турар, эһигини Өлүөнэ өрүскэ, бүтэй Бүлүүгэ уо.д.а. быйаҥнаах сирдэргэ аҕалбыт Эллэйи санатар, – диэн кэпсээнин саҕалаата.
Суруйааччы ону таһынан саха норуотугар быһаччы сыһыаннаах «Русская сакральная география» уонна «Новые скифы» кинигэлэрин билиһиннэрдэ.
– Мин ханна да сырыттарбын бу кинигэлэрбин ааҕааччыларбар билиһиннэрэрбин олус астынабын. Тоҕо диэтэххэ, Олоҥхо тыйаатыра кинигэ бырайыагын кыттыылаахтарыттан уонна спонсордааччылартан биирдэстэринэн буолар. Онон бу кинигэлэргэ Олоҥхо тыйаатырын, испэктээкиллэрин, олоҥхоһуттарын уо.д.а. тустарынан элбэҕи булан ааҕыаххыт. Мин сүрүн соругум – саха норуотун Арассыыйа ааҕааччыларыгар билиһиннэрии, – диэтэ.
Кинигэлэргэ ааптар уонна кини доҕотторо Иван Шакуров, Алексей Голубцов дьэрэкээн хаартыскалара туһаныллыбыттар.
Павел Заруфиллин суруйбут кинигэлэрэ Арассыыйа регионнарыгар атыыланалларын, онон сиһилии ааҕан, ааптар аныгы көрүүлэрин билсэрбитигэр сүбэлээтэ. Биллэрин курдук, омуктар үөскээһиннэригэр ландшафт дьайыыларын Лев Гумилев чинчийбитэ. Онтон Павел Зарифуллин үөһээҥи күүстэр ландшафтарга дьайыыларын үөрэтэр. Ол да иһин, саҥа кинигэлэрин учуутала Лев Гумилевка анаабыта мээнэҕэ буолбатах.
Ыспыраапка: Павел Зарифуллин Казаннааҕы судаарыстыбаннай университет юридическай факультетын бүтэрбитэ. Кини – «Лев Гумилев киинэ. Аныгы Евразийство» сайт кылаабынай эрэдээктэрэ, Евразийство уонна скифство теоретига, Арассыыйа уонна омук сирин таһаарыыларыгар элбэх эсселэрэ уонна ыстатыйалара бэчээттэнэр ааптар.
This post was published on 22.06.2016 16:45 16:45