Экэнэмиичэскэй наука доктора, ХИФУ инженернэй-тиэхэньиическэй институтун Экспертиза, салайыы, хамсаабат баай-дуол кадаастрын кафедратын чинчийээччи-профессора Туяра Гаврильева хамсаабат баай-дуол сыаната тоҕо үрдүүрүн туһунан санаатын nu.s-vfu.ru саайтка үллэһиннэ, диэн edersaas.ru суруйар.
Хамсаабат баай-дуол кадаастрын кафедратын чинчийээччи-профессора Туяра Гаврильева:
— Чэпчэки бырыһыаннаах ипотека Уһук Илин федеральнай уокурукка атыыланар дьиэ сыанатын үрдэттэ. Биир квадртанай миэтэрэ сыаната уокурук хас да эрэгийиэнигэр 100 тыһыынча солкуобайынан таҕыста. Маныаха туох биричиинэлэр баалларый уонна кэлэр кэмҥэ өссө тугу күүтэбитий?
Хамсаабат баайга-дуолга сыана үрдээһинэ ипотека ставката үрдээһиниттэн эрэ тутулуга суох, атын биричиинэлэр эмиэ бааллар. Бастакытынан, туора ууруллар наадыйыы (отложенный спрос) диэн баар. Чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата хамсаан эрэрин дьон хас да ый инниттэн билбитэ. Тутааччылар бэлэм дьиэлэри атыылаабакка, атыыны тохтоппуттара. Дьиэни атыылаан эргинээччилэр, инвестордар саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыралары эрдэ атыылаһан, билигин сыанатын балачча үрдэтэн атыылыыллара эмиэ баар суол буолла. Итини таһынан, сыана үрдүүрүгэр бүтэһик ыйдарга экскроу-счеттары киллэрии сабыдыаллаата.
Эрдэттэн эспиэрдэр сэрэппиттэринэн, дьиэ квадратнай миэтэрэтин сыаната 10-12% үрдүөн сөп. Дьон чэпчэтиилээх ипотеканы кэтэһэн, бэлэмнэнэн олорбута ставка үрдээһинигэр эмиэ сабыдыаллаата. Ол эрээри, сыл аҥаарынан ырыынак тэҥнэһиэҕэ, сыана оннугар түһүөҕэ диэн сабаҕалыыбын.
This post was published on 03.03.2020 12:02 12:02