«Москубаттан Иркутскайга диэри пуойаһынан кэлбиппит, онтон айаммытын массыынанан салҕаабыппыт. Барыллаан ааҕыынан, 15000 км айанныахпыт диэбиппит буолан баран, дьиҥ олоххо кыһыҥҥы айан суола оннук буолбатах эбит«, — диэн экспедиция салайааччыта Богдан Булычев кэпсээтэ.
Маннык, икки Тымныы оройо дойдулары тиксиһиннэрэр айан туһунан санаа экспедиция чилиэннэригэр сайын киирбит. «Магаданскай тракт» устун айаннаан, Охотскай муора кытылыгар тиийэ сылдьыбыттар. Ол сырыыларыгар Саха сирин кэрэ-бэлиэ миэстэлэрин үксүн көрбүттэр, ол иһигэр Өлүөнэ очуос таастарын. Онно Тымныы оройунан аатырар Үөһээ Дьааҥыга сылдьар санаа киирбит. «Ол иһин биһиги бүгүн бу манна сылдьабыт», — дииллэр кинилэр.
Бөлөххө Москуба уонна Ярославь куораттан 11 айанньыт баар. Олор ортолоругар видеооператор, хаартыскаҕа түһэрээччи. Кинилэр үс массыынанан айаннаан иһэллэр. Нерюнгриттэн кинилэргэ арыаллыыр массыына холбоспут.
Айанньыттар салгыы Тиксии хайысхатын тутустулар. Лаптевтар муораларын өҥөс гынан көрөн баран, муҥутаан 10 хонугунан Баатаҕайга төннөн кэлиэхтээхтэр. Айаннарын Иркутскай куоракка түмүктүөхтээхтэр.
This post was published on 18.03.2016 09:28 09:28