Ый кэриҥэ анараа өттүгэр математика биридимиэтин 100 баалга туттарбыт икки оҕоттон биирдэстэрэ — Максим Андреев (М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет анал үөрэтэр-научнай киинин үөрэнээччитэ) норуоттар икки ардыларынааҕы “Туймаада” олимпиада муҥутуур кыайыылааҕынан буолла.
Быйылгы үбүлүөйдээх, 25-с төгүлүн ыытыллар “Туймаада” олимпиада Интеллектуальнай оонньуулар иилэринэн ааста. Урукку сылларга курдук араас дойдулартан оҕолор кытыннылар. Олимпиада улахан уонна кыра лигаларга арахсан тэриллэр. Максим улахаттарга кыайда.
Математика үрдүкү лигатын кыайыылааҕа Максим Андреев: “Өй, билии өттүгэр Саха сиригэр ыытыллыбыт тэрээһиннэртэн саамай улаханнара киэҥ далааһыннаахтык, интэриэһинэйдик ааста дии саныыбын. Математиканан умсугуйбутум түөрт-биэс сыл буолла. Бу сыллар тухары араас олимпиадаларга кытынным. Оттон “Туймаадаҕа” — түөрт сыл субуруччу. Бастыырга эрэл баара. Салгыы — абитура. Москватааҕы Судаарыстыбыннай университекка туттарсар санаалаахпын”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Оттон кыраларга Сингапурдааҕы Национальнай университет наукаҕа, математикаҕа үрдүкү оскуолатын үөрэнээчччитэ Тимоти бастаата.
Олимпиада саҕаланыаҕыттан, уопсайа, 18 дойду кыттар. Быйыл аан маҥнайгытын Бангладеш, Белоруссия¸ Гонконг уонна Сингапур киирдилэр. Хара маҥнай тэриллиэҕиттэн түөрт биридимиэккэ (математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, информатикаҕа) буолар.
Тэхиньиичэскэй наука дуоктара, АНА Сибиирдээҕи салаатын Ньиэпкэ уонна гааска проблемаларын институтун дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу, эксперт Марина Соколова, химияҕа олимпиада урукку халыыбынан барда эрээри, Интеллектуальнай оонньуулар иилэринэн ыытыллыбыта, тэрээһинин өссө үрдүк таһымҥа таһаарбытын, итини кыттааччылар, дьүүллүүр сүбэ, хамаандалар салайааччылара бары бэлиэтииллэрин тоһоҕолоон этэр. “Үрдүкү лигаҕа 29 оҕо кытынна. Күөн күрэс олус улахан. Тоҕо диэтэххэ, Румынияттан, Казахстантан, Гонконгтан, Сингапуртан бэйэлэрин дойдуларын олимпиадаларын кыайыылаахтара, призердара кэлбиттэр. Ити курдук күүстээх састааптан Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт үөрэнээччитэ Андрей Петров миэстэлэспитэ үрдүк таһымы туоһулуур.
Аччыгый лигаҕа 26 оҕо кытынна. Тас дойдуттан, Арассыыйа атын субъектарыттан даҕаны кэлиилэр аҕыйахтар. Манна Артур Оконешников (Дьокуускай куорат 5-с №-дээх оскуолата) кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кинини сэргэ Григорий Григорьев (Физико-тэхиньиичэскэй лиссиэй), Данил Кругляк (Нерюнгритааҕы гимназия), Юрий Филиппов (Ньурбатааҕы тэхиньиичэскэй лиссиэй) үһүс миэстэ буоллулар.
Мин санаабар, бу олимпиада биһиги оҕолорбут салгыы сайдалларыгар улахан кыаҕы биэрдэ. Биһиги 8-с кылааска үөрэнэр кэскиллээх оҕолору ылаттаабыппыт. Төһө даҕаны арыый намыһах баллардаахтарын иһин, атын дойду оҕолорун кытта бииргэ олорон, алтыһан, олимпиада диэн тугун эттэринэн-хааннарынан биллилэр, этэргэ дылы, харахтара “уоттанан” олорор. Уонна инники диэки сыҕарыйар туһугар дьаныардаахтык үлэлиэхтээхтэрин биллилэр. Бу, арааһа, саамай сүрүн ситиһии”, — диэн дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марина Соколова кэпсиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Андрей СОРОКИН (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
This post was published on 14.07.2018 09:19 09:19