Санкция кэмигэр федеральнайдааҕы дьаһаллар былааннарыгар этиилэри Саха сирин бырабыыталыстыбата ыытта. Айсен Николаев видеоконференцсибээһинэн «Тырааныспар» уонна «Бырамыысыланнас» хайысхаларынан РФ ГосСэбиэтин хамыыһыйаларын мунньаҕар кытынна. Регионнартан барыта 260 этии тырааныспар эйгэтигэр уонна 465 бырамыысыланнас хайысхатыгар киирдилэр, өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата суруйар.
«Дойду экономикатыгар, арҕааҥы санкциялар киириилэринэн, балаһыанньа тыҥааһыннаах. Уустук балаһыанньаттан тахсыыга дойду бырабыыталыстыбата кыаллар миэрэни барытын оҥорор. Регионннартан, ол иһигэр Саха сириттэн, этиилэри хомуйдулар. Хас биирдии этиини оробуочай бөлөх хамыыһыйалара чопчулаан көрүөхтэрэ. Бары бииргэ үлэлээн, этиилэр олоххо киириэхтэрэ диэн эрэллээхпин», – диэтэ Айсен Николаев мунньах түмүгүнэн.
Нэһилиэнньэни наадалаах бородууктанан-табаарынан хааччыйыыга муус суол сабылла илигинэ Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар диэри тириэрдэргэ сүрүн сорук турар.
Маны сэргэ тимир суолунан Уһук Илиҥҥэ таһыыга чэпчэтиилэри кэҥэтиигэ уонна «Лена» итиэннэ «Лена — Восточная» Илиҥҥи-Сибиирдээҕи тимир суолга уонна «Аллагуват» ыстаансыйалары эбэн биэрэргэ регион этии оҥордо.
Туспа тутан хотугу тиэйиини-таһыыны көрдүлэр.
This post was published on 16.03.2022 11:01 11:01