Коронавирус экономиканы “тохтобулга туруорбат”, төттөрүтүн тэрилтэлэр үлэлэрин салгыылларыгар саҥа ньыманы көрдүөхтээхтэр. Ол туһунан экономика сайдыытын миниистирэ Максим Решетников «Сколково» бизнес-оскуола президенэ Андрей Шароновы кытта кэпсэтиигэ эттэ диэн, СИА “Российская газета” сигэнэн суруйар.
Миниистир Решетников эппитинэн, уопсай мөлтөх “настырыанньаҕа” киирэн биэрэн, “Барытын сабыталыахха, дьиэбитигэр олоруохха, бүттэ, олох тохтоото” диэн “шашканан саайталаан, психозка киирэр туһата суох”. Дуоһунастаах салайааччы дьон доруобуйатын инники күөҥҥэ тутан, санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан, үлэни салгыы ыытар кыах баарыгар эрэллээҕин биллэрдэ.
Решетников маны сэргэ өссө Россия бырабыыталыстыбатыгар дьоҕус бизнескэ быһа субсидиялары көрөр туһунан кэпсэтии барарын эттэ. “Миэрэлэри ылыы олус уустук, туочука өссө туруорулла илик”, — диэтэ кини.
Маны сэргэ бырабыыталыстыбаҕа нолуогу төлөөһүҥҥэ “отсрочка” ылыытын өйүүллэрин иһитиннэрдэ.
This post was published on 06.04.2020 10:11 10:11