Экологтар уонна полиция Үөһээ Халыма оройуонугар рейд оҥороллор

Үөһээ Халыма экологиятын кэтээн көрөр инспекция олохтоох ИДьМ үлэһиттэрин кытта оройуон соҕуруулуу-илин өттүгэр рейд оҥордулар. Эбийиэктэринэн Сохатинай — Малай Сохатинай үрүйэ буолла. Уу харыстабылыгар, айылҕаны киртитиигэ, сир уонна ойуур хаһаайыстыбатын сокуоннарыгар кэһии баарын-суоҕун  бэрэбиэркэлээтилэр.


Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, булт быраабылатын кэһиини уонна булду сокуоннайа суох тиэйиини-таһыыны бохсор туһугар оҥоһуллубут рейдэ кэмигэр бэрэбиэркэлиир үлэ ыытылынна.

Бурааннары, массыыналары бэрэбиркэлээтилэр. Айылҕа харыстабылын сокуоннарын кэһии булуллубата. 11 киһини кытта өйдөтөр-сэрэтэр кэпсэтии ыытылынна.

Үөһээ Халыма улууһугар рейдалар салҕанан бараллар.

This post was published on 29.04.2021 10:01 10:01