«Экология» нацбырайыагынан "Якутлесресурс" тэрилтэ эбии 25 үлэ миэстэтин таһаарар

«Якутлесресурс» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Джулустан Хон Инстаграмҥа эппитинэн, 2021 сылга «Экология» национальнай бырайыагынан эбии 25 үлэ миэстэтин таһаарар былаан турар, суруйар СИА.


««Экология» бырайыагынан быйыл үһүс сылбытын техника атыылаһабыт, федеральнайдааҕы бюджеттан. Кэнники сылларга 70 техника ылылынна, баһаар кэмигэр бу олус туһалаах», — диэтэ Джулустан Хон.

Салайааччы эппитинэн, нацбырайыагынан өссө эбии 25 үлэ миэстэтин таһаарыы былааннанар. Механизатор, тырахтарыыс уонна суоппар вакансиялара арыллыахтара.

This post was published on 05.02.2021 12:01 12:01