Экология министиэристибэтэ: Өртөөһүн бобуллар

Саас кэлэн, Саха сиригэр баһаартан кутталлаах быһыы-майгы биллэрдик уустугурар. Кураан уонна сылаас күн-дьыл баһаар үөскүүрүгэр уонна түргэнник тарҕанарыгар үчүгэй усулуобуйаны үөскэтэр. Куурбут талахтар уонна түргэн күүстээх тыал баһаар тарҕанарыгар сүрүн биричиинэнэн буолаллар. Манан сибээстээн, экология министиэристибэтин пресс-сулууспата өртөөһүн бобулларын туһунан иһитиннэрэр.

Ландшафтнай баһаардар тулалыыр эйгэҕэ эрэ буолбакка, чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэллэр. Үксүн эрдэ саас уот туруутун төрүөтүнэн дьон былырыыҥҥы оту өртөөһүннэрэ буолар. Бэлиэтээн эттэххэ, баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатынан, ойуурга сыста турар кураанах оту уматыы бобуллар.

Баһаартан куттал суох буолуутун ирдэбилин кэһии иһин эппиэтинэс баарын дьон бары өйдүүр буолбатах, сорохтор билбэттэр даҕаны. Кураанах оту уматыы иһин үс тыһыынчаттан түөрт тыһыынча солкуобайга диэри гражданнарга административнай ыстараап көрүллэр; дуоһунастаах дьон — уон биэс тыһыынчаттан сүүрбэ биэс тыһыынча солкуобайга диэри; юридическай сирэйгэ – сүүс тыһыынча биэс сүүс тыһыынча солкуобайга диэри.

This post was published on 29.03.2022 18:45 18:45