Экология министиэристибэтэ булка сэрэбиэй бырахсыы саҕаламмытын иһитиннэрэр

Экология министиэристибэтэ бултааһыҥҥа хатылаан сэрэбиэй бырахсыы ыытарын иһитиннэрэр. Манна хотугу дьиикэй таба уонна киис киирбэт. Дьаһал балаҕан ыйын 15 күнүгэр 10.00 чааска ыытыллар.

Сэрэбиэй бырахсыы министиэристибэ официальнай саайтын нөҥүө быһа холбонууга ыытыллар.
Түһүмэхтэр: таба (благородный), тайах, туртас, бүүчээн, хагдаҥ эһэ, чубуку. Улуустарынан бултуур сир алпаабыт бэрээдэгинэн барыаҕа.

Сэрэбиэй бырахсыы кэнниттэн 1 хонугунан боротокуол толоруллар, саайтка таһаарыллар.

Сэрэбиэй бырахсыытыгар кыайбыттар балаҕан ыйын 16 күнүттэн сайабылыанньаларын суруйаллар «Госуслуги» нөҥүө, онно көҥүлү ылыыларын күнэ-дьыла, бириэмэтэ, миэстэтэ ыйыллар, суруйда https://www.instagram.com/minecologia_yakutia/

This post was published on 13.09.2021 12:57 12:57