Экология миниистирэ туттуллубут кирдээх ууну мэнээх тоҕууну утары охсуһарга ыҥырда

Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев суобаһа суох предпринимателлэр туттуллубут кирдээх ууну ойуурга эбэтэр Водоканал холуодьастарыгар тоҕо сылдьалларын көрдөххүтүнэ биллэрэргитигэр ыҥырда. Салайааччы бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн быһа эфиргэ нэһилиэнньэни кытта кэпсэттэ, СИА суруйар.


Өрөспүүбүлүкэ экологияҕа миниистирэ иһитиннэрбитинэн, фекалийы мэнээх тоҕуу ордук Дьокуускай куоракка бэлиэтэнэр. Ордук ойуурга уонна Водоканал холуодьастарыгар куталлар. Куораттааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ кирдээх ууну көҥүлэ суох сирдэргэ тоҕууну утары күүстээх үлэни ыыталлар. Бу сезоҥҥа 20 суоппары эппиэтинэскэ тартылар.

«Уопсастыба өйөбүлэ наада. Кирдээх ууну көҥүлэ суох сиргэ тоҕо турар техническай массыыналары көрдөххүтүнэ хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан ыытаргытыгар көрдөһөбүт. Хас биирдии матырыйаал административнай дьыаланы көбүтүүгэ диэри үлэлэниэҕэ», — диэтэ Сахамин Афанасьев.

This post was published on 03.06.2020 10:01 10:01