23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

«ЭЙГЭ-2024» норуот бириэмийэтигэр бастыҥнары талыы саҕаланна

10:07, 15 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Сэтинньи 14 — 28 күннэригэр ЯСИА былаһааккатыгар архитектура уонна дизайн хайысхатыгар «ЭЙГЭ-2024» бириэмийэҕэ норуот куоластааһына ыытыллар. Икки нэдиэлэ устата Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан бастыҥ бырайыактарга куоластыахтара.

«ЭЙГЭ» бириэмийэ — 2022 сыллаахха архитектура уонна куорат тутуутун управлениетын көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Быйыл номинация элбээтэ — 15 буолла.

Сэтинньи 29 уонна 30 күннэригэр «ЭЙГЭ» бириэмийэ архитектура, дизайн, тутуу уонна бырайыактааһын хайысхатыгар бастыҥ практикалары биир сиргэ түмүөҕэ.

Норуот куоластааһына golos.ysia.ru саайтка сэтинньи 14 күнүгэр 15:00 чааска саҕаланна уонна сэтинньи 28 күнүгэр 12:00 чааска түмүктэнэр.
Куоластыырга бу сигэнэн киир golos.ysia.ru, номинацияҕын бул уонна «VOTE» кнопканы сөбүлээбит кыттааччыҥ хаартыскатын аннынан баттаа. 15 номинацияҕа тиийэ биирдии куолаһы күн аайы биэриэххин сөп.
Норуот куоластааһыныгар быраабыланы МАННА аах.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА