Горнай улууһун, Бэрдьигэстээх уонна Атамай нэһилиэктэрин баһалыктара Никита Андреев, Алексей Аргунов, Роман Федоров эйэлээх кэмҥэ бойобуой дьайыыларга кыттыбыт саллааттары кытары кулун тутар 1 күнүгэр көрүстүлэр. Тэрээһин Бэрдьигэстээх биир киэн туттар ыччата, Ийэ дойду иннигэр ытык иэһин толоро сылдьан, 1995 с. олунньу 23 күнүгэр Чечня сэриитигэр өлбүт Александр Парфенов мемориальнай өйдөбүнньүгэр гирлянда ууруутуттан саҕаланна.
Горнай улууһуттан бойобуой дьайыыларга 30 ыччат кыттыбыта. Үгүстэрэ Хотугу Кавказ сиригэр-уотугар сулууспалаабыттара. Уолаттар ытык иэстэрин толоро сылдьан, Ийэ дойду иннигэр андаҕар биэрэннэр, сэрии алдьархайын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ. Билигин кинилэр эйэлээх олоххо бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр тутуһуттан “Бойобуой быраастыба” түмсүүнү тэринэннэр, төрөөбүт дойдулара сайдыытыгар күүскэ үлэлэһэллэр.
Горнай улууһун байыаннай комиссара Алексей Бадлуев араас сылларга туйгуннук сулууспалаабыт Роман Сидоровка, Гаврил Никифоровка, Станислав Заровняевка “Эр санаатын уонна хорсунун” иһин мэтээли туттартаата. Горнайдааҕы Ис дьыала салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Максим Александров, Баһаарынай чаас начаалынньыга Илья Семенов бэйэлэрин үлэһиттэрин Махтал суруктарынан бэлиэтээтилэр. Афанасий Осипов аатынан оскуола дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Владимир Тарасов оҕону патриотическай санааҕа иитиигэ “Бойобуой быраастыба” кыттыылаахтара быһаччы үлэлэһэллэрин, тэрээһиннэртэн туора турбаттарын бэлиэтээтэ.