Егор Шишигин: «Төрүт Сокуоҥҥа уларыйыы киирэрэ сөп»

Олох сайдар, уопсастыба уларыйар, сүрүн сокуоммут да эбиллиэхтээх, уларыйыахтаах, саҥа уларыйыылары, сүүрээннэри, көрдөбүллэри бигэргэтиэхтээх, Төрүт Сокуоҥҥа киллэриэхтээх. Нуучча тылын статуһун күүһүрдүү – бу олох көрдөбүлэ. Дьиҥинэн, уруккуттан да балаһыанньа баара, баар даҕаны, диир РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Егор Шишигин.


Егор Шишигин, РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Духуобунас Академиятын Бочуоттаах Академига, Саха мусуойун сүрүн научнай үлэһитэ:

— Сахалар бу тылга сыһыаммыт норуодунай суруйааччыбыт Семен Данилов бэртээхэй хоһоонугар суруллан турар. Арассыыйа омук барыта ымсыырар киэҥ, араас баайдаах сирдээх-уоттаах дойду буолар. Онон омук дьоно, ордук урукку ССРС Сойуус өрөспүүбүлүкэлэриттэн кэмэ суох киирдилэр, Москваҕа, Санкт-Петербурга ордук элбээтилэр дииллэр. Бу дьон нууччалыы мөлтөхтүк билэллэр, үп-харчы, ас-үөл эйгэтигэр күүскэ киирдилэр. Кэлэр өртүгэр маннык түбэлтэ үксүүрэ буолуо. Онон нуучча тыла төрүт култууратын сайыннарыы өтө-олох көрдөбүлэ буолла – дии саныыбын. Биһиэхэ, сахаларга, бу туох да куттала суох. Нууччалыы үчүгэйдик билэбит, саҥарабыт, суруйабыт. Төттөрүтүн, туһаныахпытын сөп этэ: икки судаарыстыбаннай тылы: нууччалыы, сахалыы үчүгэйдик билэр, саҥарар киһини талыахха диэн бэйэбит Төрүт Сокуоммутугар киллэрэн биэрэр сөп буолсу. Дойдубут устуоруйата кырдьыктаах, объективнай буолуохтаах. Европа дойдуларыгар, АХШ аныгы устуоруйаны токурутуу күүскэ бара турар. Дойдубутугар да маннык быһыы тахса турар. Онон устуоруйа кырдьыктаах буолуохтааҕын Судаарыстыба таһымыгар таһаарар сөп диибин. Туһата үгүс буолуо. Арҕааҥҥы дойдулар демократияларыгар олоҕурбут сокуоннары, ыйаахтары, дуогабардары аҥар кырыытыттан ылынар сөбө суох. Холобура, арҕаа дойдуларга эр киһи эр киһини, дьахтар дьахтары кытта ыал буолалларын көҥүллээн тураллар. Маны ылынар хайдах да табыллыбат. Эбэтэр “высшая наказание – расстрел” – диэн сөп-сокуону. АХШ ылыммакка олороллор, онтон биһиги, мин санаабар, эрдэ ылан турабыт. Мин эбиитин, судаарыстыбаннай үрдүк дуоһунастарга үлэлиир дьон үбү-харчыны уорар түгэннэригэр бу миэрэни киллэриэм этэ, оччоҕо, олус уоруу кыратык да буоллар, аҕыйыа этэ. Төрүт Сокуоҥҥа үгүс социальнай хайысхалаах уларытыылар киирэр буоллулар. Бу үчүгэй. Төрүт Сокуон бу өртүнэн күүһүрүөхтээх, боростуой дьону көмүскүөхтээх, кинилэр интэриэстэрин көрүөхтээх, суруйар http://edersaas.ru

This post was published on 18.06.2020 12:01 12:01