Маныаха соторутааҕыта ылыллыбыт сокуоннар нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар дьайыыларын, бүгүҥҥү күҥҥэ тыа дьонун долгутар сүрүн кыһалҕаларын туһунан санаатын Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин баһылыга Егор Павлов үллэһиннэ.
«2015 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр Куокуй нэһилиэгин Арҕас уонна Кальвица сэлиэнньэлэрэ аһыы утахтан аккаастаныы туһунан сокуону ылыммыттара. Аҕам саастаах дьон, төрөппүттэр бу боппуруоһу туруорсубуттара ыраатта, онон сокуон ылыллан санаалара туоллаҕа. Аһыы утах бобуллубутун кэнниттэн нэһилиэкпит биллэ сэргэхсийдэ, дьон чөл олоххо тардыһыыта өссө күүһүрдэ. Баһылыктан элбэх эрэйиллэр буолан, нэһилиэк дьонун сомоҕолуур түмсүүлэри үлэлэтэр сорук турар. Инньэ гынан, аҕалар, ийэлэр, ыччат түмсүүлэрэ нэһилиэги кытта биир ситимнээх үлэлиэхтээхтэр. Маныаха оройуону тупсарыы, спорка оҕолору тардыы, ыччат бэйэтин быраабын уонна сүрүн сокуоннары билиитигэр кэккэ үлэлэр ыытыллыахтара. Оччоҕо эдэр дьон сырдыкка, ырааска, кэрэҕэ тардыһыа дии саныыбын. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһуланар сокуон барыла оҥоһулла сылдьарын истэ-билэ сылдьабыт. Биһиэхэ бааһынай хаһаастыбалаах эдэр дьон сир ылан, күүскэ ылсан үлэлээри сылдьаллар. Сотору кэминэн граҥҥа киирсиэхтээхтэр. Манна даҕатан эттэххэ, биһиэхэ грант ылан, икки бааһынай хаһаайыстыба үлэлиир. Ити сокуон ылылыннаҕына, үчүгэйдик үөрэтэн, сүбэлэһэн баран, салгыы бу хайысхаҕа таһаарыылаахтык үлэлиир былааннаахпыт. Эдэр дьону, исписэлиистэри тыа сиригэр тардыахха наада. Урут Куокуй нэһилиэгин бас билиитигэр киирэр сир иэнэ 1953 сыллаахха диэри киэҥ-куоҥ этэ. Оттон ити сыл бырамыысалынай бөһүөлэк тэриллэринэн, биһиги сирбитин быһа сотон ылбыттар. Ол сирбитин төттөрү ылар туһунан докумуоннары Ил Түмэҥҥэ киллэрэн, куоластааһын түмүгүнэн кыайарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Ол гынан, Куокуй нэһилиэгэ урут бас билэр сирин-уотун төттөрү ылыа этэ. Бу маны олохтоохтор кэтэһэллэр, олус долгуйаллар».
Ил Түмэн пресс-сулууспата