“Чөмпүйүөн кубога”: Егор Филиппов кыахтааҕын бигэргэттэ

Дыгын оонньуутун 7 төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскай бирииһигэр сахалыы многоборьеҕа “Чөмпүйүөн кубога” күрэхтэһии “Триумф” Спорка бэлэмнэнии киинигэр ыытылынна. Бу күрэхтэһии аны сайын Туймаада ыһыаҕын кэмигэр буолар Дыгын оонньуутугар бэлэмнэнии быһыытынан буолар. Манна аҕыс боотур талыллан киирэн, сэттэ көрүҥҥэ күрэс былдьаста.


Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыыга хаҥастан уҥа И.Григорьев, А.Ким-Кимэн, И.Белолюбскай.

Кинилэр биир-биир, былыргылыы үгэһинэн, улуустарын баһылыктарын батыһыннаран бэйэлэрин улуустарын былааҕын аннынан түһүлгэҕэ киириилэрэ сонуннук көһүннэ. Күрэхтэһии үөрүүлээхтик аһыллыытыгар “Сахаада-спорт” ассоциация бэрэсидьиэнэ Александр Ким-Кимэн, спорт национальнай көрүҥнэригэр “Модун” спорт комплексын дириэктэрэ Иннокентий Григорьевуонна Дыгын оонньуутун сэттэ төгүллээх кыайыылааҕа Иван Белолюбскаймустубут дьону уонна кыттааччылары эҕэрдэлээтилэр, күрэхтэһии тэрийээччилэрин наҕараадалаатылар. Дьэ онтон күрэхтэһии саҕаланна.

Егор Филиппов (хаҥаһа) бэргэн ытааччы буоларын көрдөрдө.

Оҕунан ытыы. Балаһыанньа быһыытынан боотурдар үстүүтэ ыттылар. Онуоха Дыгын оонньуутун кыайыылааҕа, сахалыы ыстаныыларга спорт маастара Егор Филиппов (Хаҥалас) үс ытыы түмүгүнэн 29 (10, 9, 10) очукуону ылан инники күөҥҥэ таҕыста. Киниттэн биир эрэ очукуонан хаалан Кэбээйиттэн физкултуура учуутала Николай Иванов иккис көрдөрүүлэннэ. Тааттаттан төрүттээх Дьокуускай боотура Николай Матаннанов 27 очукуолаах үһүс буолла. Салгыы миэстэлэри Амматтан Леонид Филиппов (26 очукуо), Горнайтан Дьулустаан Ноговицын (19), Усуйаанаттан Алексей Козлов (18), Намтан Алексей Кутуков (17) уонна Антон Тойтонов (10) ыллылар.

Тэрийээччилэр, баһылыктар уонна кыттааччылар.

“Үс төгүл үс” сахалыы ыстаныы. Бу көрүҥҥэ кыттааччылар эмиэ иннинээҕи күн ыытыллыбыт сэрэбиэй быһыытынан, уочаратынан тахсан, үстүүтэ ыстаннылар. Күрэхтэһии комментатора Ылдьаа Скрябин эппитинэн, бу көрүҥҥэ спорт маастара Егор Филиппов бастыҥ көрдөрүүтэ 38 миэтэрэ 10 см эбит. Сэрэйиллибитин курдук, кини бу көрүҥҥэ кими даҕаны илиилээх-атахтаах оҥорбото, бастакы ыстаныытыгар 36 м 74 см сири ыстанан, ити көрдөрүүнү ким даҕаны куоһарыа суоҕа диэбиттии, атын ыстаныыларын оҥорбото. Николай Матаннанов 33 м 15 см ыстанан, иккис буолла. Леонид Филиппов 32 м 97 см көрдөрүүлээх үһүс буолла. Салгыы миэстэлэри Дьулустаан Ноговицын (32,07), Николай Иванов (31,84), Алексей Кутуков (31,39), Алексей Козлов (31,09) ыллылар. Оттон Антон Тойтонов үстэ ыстанан көрдө да, табыллыбата.

Инники кэккэҕэ Алексей Кутуков.

Тутум эргиир. Балаһыанньа быһыытынан 2 мүнүүтэ иһигэр ким элбэхтик эргийбит – ол кыайар. Онуоха Николай Матаннанов 49-та эргийэн, бириистээх миэстэҕэ киирэргэ дьоһуннаах сайаапканы оҥордо. Киниттэн биир эргииринэн хаалбыт Егор Филиппов, иккис көрдөрүүлэннэ. Дьулустаан Ноговицын 47-тэ эргийэн, үһүс буолла. Салгыы миэстэлэри Леонид Филиппов (45), Николай Иванов (43), Алексей Кутуков (36), Антон Тойтонов (27) үллэһиннилэр. Киһи эрэ барыта бу күрэхтэһиигэ сүрүн миэстэ иһин киирсиэ диэбит, оннооҕор, кырата суох харчыга уксубут киһилэрэ – Алексей Козлов эргийии саҕаланыытыгар охтон хаалан, бэйэтин ыалдьааччыларын соһутта.

Халбас харата хапсаҕай.

Хапсаҕай. Сэрэбиэй быһыытынан бөҕөстөр икки бөлөххө арахсан, кыайыылаахтар бастакы миэстэ иһин, оттон кинилэргэ хотторбуттар үһүс миэстэ иһин кииристилэр. Маныаха былларыттаҕас былчыҥнардаах, 26 саастаах Антон Тойтонов утуу-субуу А.Кутуковы (сэрэтиинэн), Н.Ивановы уонна финалга Л.Филипповы кыайан, бастакы миэстэни сурунна. Бу көрүҥҥэ үһүс миэстэни Алексей Кутуков ылла. Салгыы Е.Филиппов, Н.Иванов, Н.Матаннанов, Дь.Ноговицын, А.Козлов буоллулар.

Алексей Козлов финалга Дь.Ноговицыны кыайыыта.

Мас тардыһыы. Эмиэ сэрэбиэй быһыытынан, син эмиэ хапсаҕайга курдук систиэмэнэн күрэхтэстилэр. Манна спорт маастара Алексей Козлов дьэ күнэ таҕыста. Утарсааччыларыттан улахан илистиитэ суох маһы сулбурута тардан ылаттаата. Ол курдук, Е.Филипповы, Н.Матаннановы уонна финалга Дь.Ноговицыны 2:0 ахсааннарынан кыайталаата. Манна, Дьулустаан Ноговицын финалга тахсар иһин киирсиигэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ А.Кутуковы 2:1 ахсаанынан кыайыытын бэлиэтиир оруннаах. Спорт бу көрүҥэр үһүс миэстэни Алексей Кутуков ылла. Салгыы миэстэлэри Е.Филиппов, Н.Матаннанов, Н.Иванов, А.Тойтонов, Л.Филиппов ыллылар.

Боотурдар сүүрүү суолугар.

400 миэтэрэҕэ сүүрүү. Манна Леонид Филиппов (57,87) бастакы, Егор Филиппов (58,3) иккис, Николай Матаннанов (1.00,38) үһүс буоллулар. Биэтэккэ салгыы Дь.Ноговицын (1.01,65), А.Козлов (1.02,34), А.Кутуков (1.03,90), А.Тойтонов (1.04,50), Н.Иванов (1.07,53) кэллилэр.

Кыайыылаах Дьулустаан Ноговицын.

Ыарахан ыйааһыннаах куулу ким ыраах сиргэ илдьэригэр күрэхтэһии. Бу бүтэһик көрүҥҥэ саамай бастыҥынан Дьулустаан Ноговицын буолла. Кини ыарыгын 150 миэтэрэҕэ тиэртэ. Егор Филиппов (133,3), Николай Матаннанов (119,8) көрдөрүүлэнэн, эриэ-дэхси ситиһиилэннилэр. Салгыы миэстэлэри Н.Иванов (102,25), А.Козлов (91,03), А.Кутуков (57,36), Л.Филиппов (49,57), А.Тойтонов (48,1) ыллылар.

Егор Филиппов кубогы күөрэччи көтөхтө.

Онон уопсай түмүккэ 16 очукуолаах Дыгын оонньуутун кыайыылааҕа Егор Филиппов үчүгэй таһымыгар сылдьарын көрдөрөн бастаата. Кини оҕунан ытыыга, сахалыы ыстаныыга бастакы, тутум эргииригэр, сүүрүүгэ уонна ыарахан ыйааһыннаах куулу илдьиигэ иккис миэстэлэннэ. Мас тардыһыыга уонна хапсаҕайга төрдүс буолла. Итинэн Егор 300 тыh. солк. сертификатынан, кубогынан уонна бөрө тириитинэн наҕараадаланна. Иккис миэстэни тутум эргииригэр бастаабыт, сахалыы ыстаныыга иккистээбит уонна үс көрүҥҥэ үһүс буолбут 23 очукуолаах Николай Матаннанов ылла. Үһүс бириистээх миэстэҕэ биир бастакы, биир иккис уонна биир үһүс миэстэлээх, 26 очукуолаах Дьулустаан Ноговицын таҕыста. Ити курдук, бүтэһиктээх түмүккэ Леонид Филиппов төрдүс, Николай Иванов бэһис, Алексей Кутуков алтыс, Алексей Козлов сэттис, Антон Тойтонов ахсыс миэстэлэри ыллылар.

Күүстээх Уйбаан бирииһигэр күрэхтэһии кыайыылааҕа Рустам Ксенофонтов.

Күрэхтэһии кэмигэр киирии билиэтинэн сүүйүүлээх лотерея оонньонно. Онно тарбахтарыгар талааннаахтар булт сааларын, “Байанай” маҕаһыынтан сертификаттары талан ылар дьолго тигистилэр. “Чөмпүйүөн кубогын” чэрчитинэн Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин тэрийиитинэн Күүстээх Уйбаан аатынан 181 киилэ ыйааһыннаах тааһы көтөҕүүгэ күрэхтэһии ыытыллыбытыгар кыайыылааҕынан Рустам Ксенофонтов таҕыста. Итини чугастааҕы кэмҥэ туспа матырыйаалынан сырдатыахпыт.

Дьэ онон, билиҥҥи туругунан Дыгын оонньуутугар Егор Филиппов, Алексей Козлов, Артем Варданян кыттар бырааптаахтар. Аны муус устар ый бүтүүтүгэр Дьокуускайга ыытыллар бастакы сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ – биэс, оттон ыам ыйын 25-26 күннэригэр “Орто дойду” туристическай комплекска буолар иккис сүүмэрдиир түһүлгэҕэ – түөрт путевка оонньонуоҕа. Онон, быйылгы Дыгын оонньуутугар 12 бастыҥ боотур талыллан киирэн, күөн көрсөрө күүтүллэр.

edersaas.ru

This post was published on 17.04.2017 12:05 12:05