Егор Филиппов — Дыгын оонньууларын үс төгүллээх чөмпүйүөнэ


Быйылгы Дыгын оонньууларыгар үһүс төгүлүн Хаҥалас хотойо Егор Филиппов бастаата. Иккис — Николай Матаннанов (Таатта), үһүс — Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү). 

«Бастатан туран, саха дьонун самаан сайын кэлбитинэн эҕэрдэлиибин! Бүтэһигэр диэри кыайарым биллибэтэ, мандраж син биир баар. Саҥа 6 уол уопсай хартыынаны уларыталлара буолуо дии санаабытым. «Темнай лошадкалар» буоллаҕа. Эдэр уол Айсен Ботуев инникилээх, учугэйдик дьарыктаннын. Махтанабын миэхэ ыалдьыбыт дьоҥҥо, уолаттарга! Чиэһинэй киирсии буолла», — диэтэ кыайыылаах Егор Филиппов. 

Николай Попов, «Саха сирэ», edersaas.ru

0
0

This post was published on 24.06.2018 17:21 17:21