Его Борисов уурайарга быһаарыммытын туһунан сурах өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтүгэр, ону батыһа социальнай ситиминэн киниэхэ дьон-сэргэ махтанар тыллара көттүлэр. Ааҕыҥ:
www.edersaas.ru
Сахалар Ил Дархаммытыгар өрүү махтаныаххайыҥ!
Киэһэ алта буола илигинэ мунньахха олордум. Сорох дьон төлөпүөнү көрөн соһуйдулар. Туох буоллаҕай диэн суотабайбын көрбүппэр Ил Дархаммыт боломуочуйатын устуммут диэн буолла. Ол кэмҥэ отут кыраадыс итииннэн көрөн турбут халлаан тугу эрэ билбиттии, соһуйбуччу силлиэрдэ, тыалырда… айылҕа оннооҕор айманна, хомойдо…
Егор Афанасьевич 2010 сылтан Сахабыт сирин салайан кэллэ. Үлэтин-хамнаһын, үтүөтүн биһиги өссө элбэхтэ этиэхпит, ахтыахпыт. Бу сылларга өрөспүүбүлүкэбит элбэх ыараханы туораан кэллэ. Үп-ас кырыымчыгар төрөөбүт дойдутугар элбэҕи оҥордо, аҕалла. Сахам сирэ, чуолаан тыа сирэ атаҕар турда. Улахан бырайыактар олоххо киирдилэр. Оскуолалар, балыыһалар, уһуйааннар, культура-спорт объектара тутуллан дьон сарсыҥҥыга эрэллээх буолла. Егор Афанасьевич биир саамай кыайыыта – бу киһини истии, бар дьон санаатын ылыныы, общественноһы кытта үлэни күүһүрдүү буолар. Мин кини дьиэ кэргэнигэр болҕомтотун, кэргэнигэр сыһыанын улахан холобур оҥостобун. Кистэлэҥ буолбатах сорох салайааччылар иккис аҥаардарын киистиир, сырдаппат буоллахтарына биһиги Ил Дархаммыт кэргэнинээн дьиэ кэргэн институтут бөҕөргөтүүгэ үлэлэрэ, элбэх оҕолоох ыалга болҕомтолоро элбэх. Ил Дархан ыччаты наһаа күүскэ өйүүр, өссө ыччакка итинник эрэбилин, итэҕэйэрин биллэрбит салайааччыны истибэтэҕим, ыччаттар да наһаа ытыктыыллар.
Мин 2010 сыллаахха Егор Афанасьевич Ил Дархан буолбутугар, кэлин иккистээн турбутугар өйөөбүтүм. Икки төгүл эрэнэн миигин эппиэтинэстээх дуоһунаска аныыр. Ил Дарханым итэҕэлин чиэстээхтик көтөҕөн үлэлиибин.
Бииртэн хомойобун… сорох дьонтон… ньүдьү балайдык тыллаһан, үөҕэн-сэмэлээн сылдьыбыт дьонтон. Итинник быһыыланар дьон бэйэлэрэ тугу ситистилэр? Аҥардастыы киритикээнистибэннэн дьарыктанан, аҥардастыы куолулаан, дьону аймаан. Ол төрүт омуктар олохторун, тыа сирэ тутулун билбэт, олохтоох менталитеты билбэт киһини аҕалтараары дуо? Дэлби ыыстаан Өрөспүүбүлүкэ салайар уорганнарын аптарытыатын киртитэн, үлэҕэ-хамнаска мэһэйдэһэн, сабатаастаан олорбут дьон тугу астыналлар? Итинник тыллаһар, бары барытыгар хараны эрэ көрөр дьон хомойуох иһин хаһан баҕар бааллар, оннук дьонтон тэйиччи сылдьыахха. Үчүгэйи да киртитэр, бэртэн да астыммат дьоннор. Саха дьоно бэйэ бэйэни өйөһүөххэ, бэйэ бэйэни киртитэн бүтүөххэ. Биир санаалаах эрэ буоллахпытына элбэҕи ситиһиэхпит! Хаһааҥҥытааҕар да түмсэр кэммит кэллэ. Үрүҥ-хара, кыһыл-күөх диэн арахсар норуот инникитин сарбыйааһын буолар.
Ил Дархаммар баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр, чугас дьоҥҥор элбэх ситиһиилэри, дьолу-соргуну. Эрэнэбит өрүү сахан дьонугар, ыччаккар күүс-көмө, сүбэ-ама буолуон диэн. Өрөспүүбүлүкэ дьоно өрүү махталлаах буолуохпут. Эн саҕалаабыт саҥа олоҕу саҕар үлэн салҕанан бара туруо!
Ил Дархаммыт, былаахпыт, өрөгөй ырыабыт, гиэрбэбит бу дойдубут бэлиэлэрэ буолаллар, харыстыахха, сайыннарыахха!
Савва Михайлов.
Сахам дьоно! Бүгүн аҕа баһылыкпыт, Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов бэйэтин баҕатынан, өр толкуйдаммыт санаа кэнниттэн баһылык дуоһунаһыттан уһулларын туһунан иһитиннэрдэ. Туох да диэбиттэрин иһин Егор Борисов норуотун, республика туһугар туох баар сыратын, санаатын, олоҕун бүтүннүү анаабыт киһи буолар. Боростуой саха ыалыттан иитиллэн тахсан бүтүн республика салайааччыта буола үүммүт киһибитигэр бүгүн махтал тылын этиэм этэ! Саха санаатынан, саха майгытынан, холкутук, киэҥ көҕүстээхтик, норуотун тылын, санаатын өрүү иннигэр тута сылдьыбыт салайааччы. Саха норуота ону өйдөөн, сыаналыыргытыгар ыҥырабын! Дьиктитэ диэн, оннооҕор бу бүгүн бүтүн айылҕа ити сонуну утарар курдук күүстээх тыал, ардах бөҕө түстэ. Егор Афанасьевич, убаастыыр киһибит, төһө кыалларынан саха сирин, дьонун-сэргэтин туһугар үлэлээн кэллин! Сыралаах үлэҕин саха норуота сыаналыырбытын умнума! Доруобай чэгиэн-чэбдик сырыт, санаабытын санаан хоту салаллан истин, бэйэҕэр, дьиэ кэргэҥҥэр, Прасковья Петровнаҕа дьолу баҕарабын!!
Батсаап.