Саха сирин баһылыга уонна Уһук Илиҥҥэ РФ Президенин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ — Россия вице-премьера Юрий Трутнев бэс ыйын 20 күнүгэр Уһук Илин регионугар сири босхо биэрии сокуона олоххо киириитин дьүүллэстилэр. Ону таһынан Нерюнгри оройуонугар «Инаглинскайдааҕы» хайаны байытар кэмбинээккэ сырыттылар.
Нерюнгри оройуонугар дьоҥҥо сири босхо биэрии уратыларын кинилэр ырыттылар. Ол курдук, төһө сайаапка киирбитин, аккаас төрүөтүн билистилэр. Ону таһынан билигин ситэриллэ сылдьар территориятааҕы информационнай систиэмэ үлэтин бэрэбиэркэлээтилэр. Эппиэттээх дьон ыйбыттарынан, маныаха баар кыһалҕалар туоратыллыбыттар.
Баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэ дааннайдарынан, бүгүҥҥү ааҕыынан Нерюнгрига сири босхо ыларга 106 сайаапка киирбит. Олохтоох былаас уоргана иһитиннэрбитинэн, үгэс быһыытынан туһаныллар сирдэр кэмигэр кадаастыр учуотугар туруоруллубуттар.
«Оройуоҥҥа биир сүрүн боломуочуйалаах уорган баар буолуохтаах. Сири ыларга интэриэстээх дьоҥҥо кэлимсэ каарта көрдөрүллүөхтээх, баар иһитиннэрии барыта биир сиргэ түмүллүөхтээх», — диэн Юрий Трутнев инники соруктары туруорда.
Ону таһынан РФ Президенин бэрэстэбиитэлэ оройуоҥҥа боломуочуйалаах уорган сири дьаһайарын федеральнай сокуоҥҥа эбии быһыытынан киллэрэргэ сүбэлээтэ. Мөккүөрдээх быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, бүтэһиктээх быһаарыыны Саха сирин баһылыга ыларын эбэн эттэ.
«Сири босхо биэрии уратыларын тустарынан биһиги иһитиннэриилэри күүһүрдүөхпүт», — диэн Егор Борисов эттэ. Кини Саха сирин бырабыыталыстыбата норуот дьокутааттарын кытта көҕүлүүр нуорма, быраап аакталарын бэлэмнээбиттэрин ыйда. Холобур, эбии 2,5 га сири биэрии.
Егор Борисов Юрий Трутневка «Инаглинскайдааҕы» хайаны байытар кэмбинээт инфраструктуратын көрдөрдө. Кини сырьену Азия – Чуумпу акыйаан регионнарыгар батарыы инникитин, Япония металлургическай кэмбинээттэрин кытта хантараак түһэрсиллиэн сөбүн, маннык бырайыактары олоххо киллэриигэ федеральнай киин өйөбүлэ наадатын эттэ.
This post was published on 22.06.2016 10:34 10:34