Федот Тумусов «Сиэрдээх Арассыыйа» баартыйаттан тэйэн, сөпкө гынна. Биир мандааттаах уокуруктан күрэстэһии суоҕуттан кини Госдумаҕа киирдэ. Саха сирин баһылыга Егор Борисов муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын кытта мунньахха ити курдук эттэ.
«Федот Тумусов өрөбөлүүссүйэни оҥорбото, ол эрээри дьон-сэргэ кинини өйөөтө. Ордук үс улууска: Горнайга, Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа», — диэтэ Егор Борисов.
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр буолан ааспыт Госдума дьокутааттарын талар быыбарга биир мандааттаах уокурукка Федот Тумусов быыбардааччы 37,52% куолаһын ылбыта.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» биир мандааттаах уокурукка «кандидаты киллэрбэтэҕэ эрээри, улууска барытыгар кыайбыта.
Онон Госдумаҕа Саха сириттэн икки дьокутаат баар буолар — Галина Данчикова уонна Федот Тумусов.
This post was published on 23.09.2016 14:52 14:52