Улуу Кыайыы күнэ – киһи аймахха бука барытыгар ураты улахан суолталаах бэлиэ күн. 60 тыһыынчаттан тахса саха салааттара сэриигэ туруммуттара. Кинилэртэн улахан аҥаардарын олоҕо бу сэриигэ быстыбыта.
Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов бэтэрээннэрэ кытта көрсүһүүгэ эттэ.
«Мин 1965 сылы бу баардыы өйдүүбүн. Оччолого Улуу Кыайыы 20 сылын бэлиэтииргэ мин 11 саастаах этим. Дьон барыта сүргэтэ көтөҕүллэн үөрүү-көтүү, өрөгөй күнэ этэ. Онно мин ийэм сэрии толоонуттан эргийбэтэх икки бииргэ төрөөбүттэрин санаан ытаабытын куруук санаан кэлэбин. Сэрии содула хайдахтаах курдук ынырыгын Куурскай дуга сэриитигэр миинэҕэ эстэн икки атаҕа суох хаалбыт таайбыт Степан Кузьмич Макаровы көрөммүн билбитим. Кини сэрииттэн тыыннаах эргийбитэ эрэ буолбатах, олоххо баар ыарахаттары дьулуурдаахтык туораабыта. РСФСР үтүөлээх учуутала буолбута, биэс оҕону көрөн-харайан атахтарыгар туруорбута. Миэхэ олоххо дьулуур, тулуур чулуу холобура буолбута», —диэтэ Ил Дархан.
Егор Борисов сэрии, тыыл бэтэрээннэрин истиҥник эҕэрдэлээтэ.
«Эһиги ситиспит Кыайыыгыт иһин муҥура суох махтанабыт! Эһиги дойуга бэриниилээх буолуу бастыҥ холобураҕыт!», —диэтэ кини.
Бэтэрээннэри праламент вице-спикерэ Анатолий Добрянцев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова, Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх уордьан кавалера, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Петр Яковлев, Конституционнай суут бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Дружинин, уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
This post was published on 09.05.2016 13:28 13:28