Егор Борисов өссө биир улахан рейтинг инники кирбиитигэр турар

«Петербургтааҕы бэлиитикэ» фондата уонна «Минченко Консалтинг» коммуникационнай холдинг уон сэттис төгүлүн губернатордар бэлиитикэҕэ төһө туруулаһан сылдьалларын быһаарар рейтини оҥордо. Онно Саха сирин баһылыга Егор Борисов үрдүк сыанабылы (биэстэн түөрт баллы) ылла.


Фонда иһитиннэриитигэр этиллэринэн, Егор Борисов бэйэтин салайынар кыахтаах, экономикаҕа үчүгэй көрдөрүүнү халбаҥнаппакка тутан олорор уонна федеральнай таһымҥа бөрүкү бэбиэскэни үөскэппэт региону салайар салайааччы буолар.

Рейтинг 2007 сылтан ыла бэчээттэнэр. Онно регионнар баһылыктарыгар туруоруллар сыана 1-тэн 5-кэ диэри халбаҥныыр.

This post was published on 13.12.2016 11:58 11:58