Егор Борисов Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар кадр бэлиитикэтигэр анаммыт ыйаахха илии баттаата

Ил Дархан Егор Борисов бэс ыйын 14 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатыгар кадр бэлиитикэтин туһунан» ыйаахха илии баттаата. Докумуон толору таһаарыыта регион салайааччытын сайтыгар таҕыста.


Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар 2030 сылга диэри быыстала суох аграрнай үөрэҕирии сайдыытын тосхолун оҥорон, атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри бигэргэтэригэр сорудахтаата.

Маны сэргэ докумуоҥҥа агропромышленнай комплекс эйгэтигэр лицензия биэрэр кииннэри тэрийии, «Үлэ күүһэ» («Сила труда») агропромышленнай комплекс сүрүн идэлэринэн маастарыстыбаҕа сыллата ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу ыытыы, «Саҥа саҕалыыр фермер» уонна «Эдэр фермер» дьыалабыай оонньуулары көҕүлээһин киллэриллибиттэр. Маны сэргэ докумуоҥҥа олоҕуран, үлэни биэрээччи бэйэтин суотугар эдэр исписэлиистэри дойду уонна тас дойдулар бастыҥ үөрэхтэрин кыһаларыгар стажировкаҕа үөрэттэрэрэ этиллибит.

Ыйаахха сурулларынан экология, туризм уонна агротехнологическай үөрэхтээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи киин баазатыгар “Малая сельскохозяйственная академия” научнай-үөрэтэр киин баар буолара быһаарыллыбыт.

Сылын аайы аграрнай үөрэхтээһиҥҥэ сыаллаах бэлэмнээһин Былааныгар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр 5%-тан кырата суох миэстэни Россия бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар көрүөхтэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ — 30%-тан итэҕэһэ суох буолуохтаах.

«2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тыа сирин нэһилиэнньэтин сырдатар -иһитиннэрэр тиһиктэр уонна хайысха тэрилтэлэрин нөҥүө экономика уонна быраап төрүттэригэр үөрэхтэр тэриллиэхтэрэ«, — диэн докумуоҥҥа суруллар.

Маны сэргэ «Работа на селе» диэн мобильнай сыһыарыы оҥоһуллан үлэҕэ киллэриллиэ.

Санатар эбит буоллахха, тыа сирин үлэһит дьонун таһымын үрдэтиигэ уонна онно туох-ханнык миэрэлэр ылыллалларын туһунан Егор Борисов «Якутия» интэриниэт-хаһыат сирэйигэр бэйэтин блогугар кэпсээн турар.

«Тыа сирин сайдыытын ыччаттан саҕалыыр наадатын өйдөөн, хас да сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн агрооскуолалары арыйбыппыт. Оскуоланы бүтэрээччилэр эрдэттэн ким, туох буолалларын билэ улааталларын туһугар. Түмүгэ наһаа өр кэтэһиннэрбэтэҕэ — тыа сиригэр фермердэр хаһаайыстыбалара тэриллэн барбыттара. Биир үтүө холобурунан Чурапчы улууһун Мугудай аныгы кластера буолар. Манна тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин кыһаларын бүтэрбиттэр талаһар буолбуттара. Аммаҕа, Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Сунтаарга, Тааттаҕа уонна да атын оройуоннарга ситиһиилээх хаһаайыстыбалар эмиэ бааллар. Манна исписэлиистэр тирэхтээх оҥорон таһаарыыны тэрийэллэр, дьиэ тутталлар, оҕо төрөтөллөр. Онон кинилэр тыа сиригэр олохсуйа хаалаллар. Биллэн турар, бырабыыталыстыба бэйэтин кыаҕынан кинилэргэ көмө буолуоҕа«, — диэн кини суруйбута.

Ил Дархан үлэ бу хайысхатын кэҥэтиигэ регионнааҕы былаас элбэҕи үлэлииргэ бэлэмин эппитэ: «Чуолаан тыа сиригэр үлэлиэхтээх идэлээх исписэлиистэри бэлэмниир, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэнньэни өйүүр сыалтан, мин СӨ тыатын хаһаайыстыбатыгар кадр бэлиитикэтигэр ыйаах бэлэмниэм«.

Ол ыйаах баттанна, үлэ саҕаланна.

This post was published on 15.06.2017 16:07 16:07