Егор Борисов: Саха сирин олохтоохторун сыаната биллибэт култуура баайын - нуучча тылын - харыстыыргытыгар ыҥырабын

Бүгүн улуу поэт Александр Пушкин төрөөбүт күнэ уонна Россияҕа Нуучча тылын бэлиэтиир буолбуппут 6-с сыла.


217 сыл анараа өттүгэр, 1799 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр, «нуучча поэзиятыгар күн» көрбүтэ — Сергей уонна Надежда Пушкиннарга Александр диэн уол оҕо төрөөбүтэ. Пушкин айымньылара нуучча култууратын биир быстыпат сорҕотунан буолбуттара: оҕо эрдэхпитинэ бэриллибит кини айымньылара олохпут устун аргыстаһар, «Евгений Онегин» романын аахпатах киһи үөрэҕэ суох кэриэтэ сананар.

Улуу поэт төрөөбүт күнүнэн уонна дойдуга Нуучча тылын күнүнэн Ил Дархан Егор Борисов биир дойдулаахтарыгар эҕэрдэтин этэр.

«Билигин култуурунай уонна этническай кыраныыссалар симэлийэ быһыытыйбыт кэмнэригэр, нуучча тыла тыыннаах уонна чөл хааларын сайыннарыыга соруктар туруоруллаллара ордук суолталанна. Мантан көстөр киһи-аймах өй-санаа өттүнэн доруобай буолуута, олоҕу көрүүтэ, олоххо сыһыана. Нуучча тыла Россия норуоттарын доҕордоһууларыгар, сомоҕолоһууларыгар олук буолар», — диэн.

Егор Борисов салгыы бэйэтин эҕэрдэтигэр быйыл тэриллибит нуучча тылынан Уопсастыба президиумугар Саха сирин делегацията киирбитин бэлиэтиир.

«Ханнык баҕарар ылыллар дьаһалларга бэйэбититтэн олус элбэх тутулуктаах. Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүт күнүгэр сыаната биллибэт култуура баайын, норуот муудараһын кылаатын иҥэринэ сылдьар нуучча тылын харыстыырга, сайыннарарга ыҥырабын», — диэн түмүктүүр.

This post was published on 06.06.2016 12:33 12:33