Егор Борисов Саха сиригэр олоххо көхтөөх киһи Күнүн биллэрэргэ этии киллэрдэ

Ил Дархан Егор Борисов региоҥҥа саҥа бырааһынньыгы — Саха сиригэр олоххо көхтөөх киһи Күнүн — биллэрэргэ этии киллэрдэ. Маннык ис хоһоонноох көҕүлээһини кини «Кэпсэтииттэн — бииргэ үлэлээһиҥҥэ» олоххо көхтөөх дьон форумнарын кэмигэр уопсастыбанньыктарга туһаайан эттэ. 


«Мин Саха сирин олохтоохторун уонна коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэр көхтөрүн бэлиэтиибин уонна сыаналыыбын. Чуолаан кинилэр төрөөбүт дойдулара чэчирии сайдарыгар былааһы кытта бииргэ тутуһан үлэлииллэрин хайгыыбын. Мин бүгүн киллэрбит этиибин өйөөтөххүтүнэ олус үөрүөм этэ«, — диэтэ Егор Борисов.

Кини форум кэмигэр бырааһынньык күнүн быһаарары сүбэлээтэ, ол кэннэ ыйаах баттанарын эттэ.

Ил Дархан сайдыыга туруоруллар соруктар туолууларыгар былаас уонна уопсастыба хардарыта сөбүлэсиһэн үлэлииллэрэ наадатын өссө биирдэ бэлиэтээн эттэ.

This post was published on 21.06.2017 14:00 14:00